Михаил Юмшанов: Өҥөм дьоҥҥо сылы эргиччи туһалыырыгар кыһаллабын

Амма олохтооҕо Михаил Юмшанов нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах өҥөнү арыйан үлэлэппитэ сылтан орто. Бэйэ дьарыктаах эдэр киһи хаһаайыстыбаҕа, тутууга наада буолар үнүстүрүмүөннэри уларсыкка биэрэн элбэх киһини абырыыр. Кини холобуругар судаарыстыба көмөтө кыра дохуоттаах ыал “атаҕар турарыгар” төһүү күүс буоларын арылхайдык көрөбүт.

2023 сыл саҥатыттан Амма улууһугар социальнай ситимнэргэ “Аренда оборудования для строительства” диэн биллэрии киэҥник тарҕаммыта. Ыйыталаһан билбитим, саҥа өҥөнү олоххо киллэрээччинэн олох даҕаны кэллиэгэбит, “Саха” НКИХ Амматааҕы филиалын оператора Михаил Юмшанов буолар эбит. Онон, үлэтин син билсэ түспүтүн кэннэ көрсөн туох санааттан чуолаан бу өҥөҕө ылсыбытын туһунан кэпсэттибит.

— Аймахтарбыт аҕыйах сыллааҕыта дьиэ туттарга санаммыттарыгар туттар мал-сал булар күчүмэҕэйдэрдээх, кыһалҕалаах эбит диэн бэлиэтии көрбүтүм. Мин Аммаҕа кэлии киһибин, күтүөппүн. Ол иһин билэр дьонум аҕыйах, ону-маны уларсар ыарахаттардаах буолан биэрдэ. Оттон устуруус, электрическэй эрбии, мас тыырар станок, шлифовкалыыр массыына сыаналара абытай ыарахан, аны дьиэҕин туттан бүттүн эрэ улахан наадата суох буолар. Ол иһин аҕыйах күн туттаары атыылаһар туһата суох курдук. Ол иһин итинник маллары уларсар өҥөнү тоҕо оҥорботторо буоллар диэн толкуй киирбитэ. Аны итинник ыарахан сыаналаах маллары ылбычча киһи атыылаһар кыаҕа эмиэ суох. Ол иһин кыра дохуоттаах ыалга социальнай хантыраак  баарын истэммин Амматааҕы биир кэлим социальнай киин исписэлиистэриттэн сүбэлэтэн, биисинэс-былаан суруйан, көмүскээн, бастакы саҕалыырбар көмө харчы ыламмын дьоҕус дьыалабын саҕалаабытым. Икки кыра оҕолоох буоламмыт кэргэним үлэлээбэт, биир киһи хамнаһыгар олорор, биллэн туран, уустук, ол иһин эбии дохуот хайаан да наада,- диэн Михаил Игоревич бэйэ дьыалатын тэриниигэ бастакы хардыыларын кэпсиир.

Михаил Юмшанов туттар малын атыылаһарыгар дьыл бары кэмин хабан үлэлэтэр гына суоттаммыт – сайынын мотобур, тутуу тэриллэрин, краскопульт, бетон суурадаһыгын оҥорор массыына, сыбааркалыыр аппарат сүрүннээн уларсар эбит буоллахтарына, кыһынан дьиэ сылытар пушка, генератор, сууйар пылесос “чаастара” үүнэр. Аны чааһынай дьиэлээх дьон сүрүннээн маска үлэлиир маллары ылаллар, оттон таас дьиэҕэ олорооччулар перфораторынан ордук туһаналлар.  Онон элбэх киһи абыранар, эргиччи туһалаах, дьон олоҕун чахчы чэпчэтэр өҥө Аммабытыгар үлэлиир.

Онон Юмшановтар дьиэ кэргэн үлэлэтэр өҥөлөрө нэһилиэнньэҕэ туһалыырын сэргэ, ыал олоҕо бигэ туруктаах буоларыгар олук уурар. Онуоха судаарыстыба өйөбүлэ улахан.

Бу өҥөнү интэриэһиргээбит дьон 8-924-460-38-95 нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше