Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин бу күннэргэ Москва куоракка командировкаҕа сылдьар. Манна кини үлэтин сэргэ госпиталларга эмтэнэ сылдьар биир дойдулаахтарын көрүстэ, гуманитарнай көмөнү тириэртэ.
«Москва куоракка биһиги улуус баһылыктара үлэбит чэрчитинэн үс күн устата үөрэннибит. Ол кэнниттэн хаалан, байыаннай дьайыыга сылдьан бааһырыыны ылан эмтэниини барар биир дойдулаахтарбын көрүстүм. Госпиталларга барытыгар киллэрбэттэр эбит. Сорохторун режимэ кытаанах. Киллэрбэттэр. Ол да буоллар, илдьибит кэһиибитин хааллардыбыт, тиэрдиэхтээхтэр. Көрсүбүт уолаттарбыт этэҥҥэлэр, аммаларын дьонугар махталларын тириэрдэллэр.
«Дьоммутуттан өйөбүл баарын куруутун билэбит, көмө кэлэ турар» диэн этэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, ахсынньы саҥатыгар Амма улууһун дэлэгээссийэтэ байыаннай дьайыы буола турар сиригэр Украинаҕа тиийэн, биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөбүтүн тиэрдиэхпит. Уолаттар сахалыы, дойдуларын аһын ахталлар эбит. Буотараҕы, собону, эттэрин баҕараллар. Бу барарбытыгар түргэнник буорту буолбат астары илдьиэхпит. Ким баҕалаах бэйэтин көмөтүн аҕаллаҕына илдьэн тиэрдиэхпит», — диэн Степан Николаевич сырдатта.
«Амма олоҕо» хаһыат