Амма улууһун Болугур нэһилиэгиттэн төрүттээх бастакы судаарыстыбаннай деятель, талааннаах улуу салайааччы, дьиҥнээх патриот Семен Давыдович Григорьев быйыл төрөөбүтэ 110 сыла. Ол чэрчитинэн В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы Киин библиотекаҕа кини олоҕор, үлэтигэр аналлаах быыстапка үөрүүлээхтик арылынна.
Бу быыстапка Болугур нэһилиэгин кыраайы үөрэтээччитэ, коллекционер Тимофей Никифоров биир дойдулааҕа Семен Григорьевка анаан өр сылга муспут матырыйаалларын көмөтүнэн тэрилиннэ. Ол курдук бар дьон көрүүтүгэр Амма улууһун биир тарбахха баттанар салайааччытын тус докумуоннара, наҕараадалара, хаартыскалара бар дьон көрүүтүгэр турдулар. Турбут матырыйалларын Тимофей Никифорович бэрт сиһилии билиһиннэрдэ. Быыстапка үөрүүлээх арыллыытыгар Амматааҕы Киин библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Елизавета Сидорова, улуус баһылыгын тутуу боппуруоһугар солбуйааччы Виктор Смирников, Болугур орто оскуолатын учуутала, кыраайы үөрэтээччи Сахаяна Кожурова, Болугур орто осколатын педагог-библиотекара Ольга Мякишева, Амматааҕы гражданскай сэрии устуоруйатын түмэлин исписэлииһэ Вера Шилова, Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотека методиһа Таисия Александрова санааларын, эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Семен Григорьев туһунан билиһиннэрбит Тимофей Никифоровка улуус баһылыга Степан Кузьмин аатыттан Махтал суругу Виктор Смирников, Болугур нэһилиэгин кыраайы үөрэтээччилэрин ааттарыттан эҕэрдэ суругу Сахаяна Кожурова, Болугур орто осколатын педагог-библиотекара Ольга Мякишева махтал суругу үөрүүлээх быһыыга-майгыга дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээн туран туттардылар.
«Аммаҕа өссө биир уһулуччулаах киһи олорон ааспыт эбит. Олортон биирдэстэрэ Семен Давыдович Григорьев буолар. Ол туһунан сиһилии кинигэттэн ааҕан билистим. Онон, ыччат дьон маннык истиҥ көрсүһүүлэргэ, тэрээһиннэргэ сылдьан көхтөөх кыттыыны ылалларыгар баҕарабын«, — диэн Амматааҕы Киин библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Елизавета Сидорова санаатын үллэһиннэ.
«Быыстапка балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри туруо. Семен Давыдович Григорьев тус олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан сырдатар анал быыстапка тэриллибитэ олус үчүгэй уонна суолталаах. Улахан киһиэхэ аналлаах элбэх архыып матырыйаалларын булан дьон көрүүтүгэр таһаардым. Бу барыта уон сыллаах үлэм түмүгэ. Кэнэҕэскитин даҕаны онно үлэ тохтообот. Кини аатын үйэтитии үлэтэ салҕаныа. Ол курдук, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа уонна Амма нэһилиэктэрин уулуссаларыгар Семен Григорьев аата иҥэриллиэн баҕарабын. Ол туһунан кэпсэтии үлэтэ бара турар. Онон, Амма улууһун олохтоохторо, ыччаттара быыстапканы кэлэҥҥит көрүҥ, сэргээҥ, билиигитин хаҥатыҥ. Аммалар өссө биир улахан ааттаах киһибит туһунан билсиҥ» — диэн этэр Тимофей Никифорович.
Амма биир патриота, талааннаах салайааччы туһунан “Амма олоҕо” хаһыакка сиһилии билсээрин.
Артем Осипов