Бүгүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр, Соморсун ытык төрүт сиригэр үөрүүлээх үтүө түгэн үүннэ. Амма улууһун төрүттээбит, кини бастакы кулубата Афанасий Рязанскай кыстык өтөҕөр Мэҥэ таас өйдөбүнньүк бэлиэтэ үөрүүлээхтик арылынна.
“Быйыл Амма улууһун, олохтоох дьаһалта тэрээһиннээх үлэлэринэн Аммабыт улууһун Ботуруускай улуустан арааран туспа административнай — территоритальнай улуус быһыытынан төрүттэспит, бэйэтин кэмигэр уһулуччулаах, үөрэхтээх — сайдыылаах киһи, сырдатааччы, чаҕылхай салайааччы, Амма улууһун бастакы кулубата, дьикти дьылҕалаах Афанасий Петрович Рязанскайга төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт үгүс тэрээһиннэр буолан аастылар, бэрт кэскиллээх үлэлэр олоххо киирдилэр. Биир оннук тэрээһининэн өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Афанасий Петрович олорон ааспыт кыстыгын өтөҕөр Мэҥэ таас өйдөбүнньүк бэлиэтэ а үөрүүлээтик аһыллынна, долгутуулаах дьоһун түгэнэ үүннэ.
Үгэс быһыытынан үөрүүлээх түгэн сиэр-туом ситэриититтэн, алгыс туомуттан саҕаланна. Сиэр-туом сиппитин кэнниттэн, аламаҕай санаалаах дьоһун – мааны ыалдьыттары, саха норуотун бастыҥ аһынан — арыылаах алаадьынан күндүлээн үөртүлэр.
Ол кэнниттэн, Афанасий Петрович Рязанскай сырдык аатыгар анаммыт Мэҥэ Таас өйдөбүнньүк бэлиэ аһыллыбытын туоһулаан аалай лиэнтэтин улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта, улуус дьокутаата Ион Семенович Кононов, улуустааҕы кииннэммит бухгалтерия салайааччыта Роман Александрович Алексеев, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Юрьевич Кононов, олохтоох кыраайы үөрэтээччи Михаил Васильевич Алексеев, муниципальнай унитарнай тэрилтэ салайааччыта Афанасий Александрович Борисов дохсун ытыс тыаһын ортотугар быстылар уонна эҕэрдэ тылларын тириэртилэр.
Урут уруккуттан дьоһун мааны үлэһит дьонунан аатырбыт – сураҕырбыт Соморсун ытык сиригэр, биир улахан историческай суолталаах бэлиэ тутулларын ситиспит, туруорсубут, туппут дьоммутугар бар дьон аатыттан барҕа махтал тылларын аныыбыт”, — диэн култуура киинин уус уран салайааччыта Туйаара Белолюбская сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат