Амма Наахараҕа сонун күрэх ыытыллынна

Амма Наахара нэһилиэгэр быйылгы Үлэ сылынан, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии, дьону-сэргэни патриотическай өйгө-санааҕа иитии сылыгар саҥаттан саҥа араас тэрээһиннэр, күрэхтэр тэриллэн олохтоохтору түмэллэр. Быйыл Амма Наахара Бочуоттаах олохтооҕо, документалист — суруйааччы Дмитрий Николаевич Гаврильев төрөөбүтэ 85 сааһыгар ананан түөлбэлэр икки ардыларыгар «Кыайыы суолунан» диэн ааттаах олус интириэһинэй күрэх буолан ааста.

Күрэх сүрүн сыалынан Дмитрий Николаевич Гаврильев аатын үйэтитии, дьоҥҥо-сэргэҕэ патриотическай тыыны иитии буолла. Бу бырайыак ааптардарынан нэһилиэкпит ыччаттара: аҕа баһылык Захар Александров, баһылык солбуйааччыта Сахаяна Михайлова, Амма Наахара орто оскуолатын историяҕа учуутала Алёна Мартынова, нэһилиэк спортивнай саалатын дириэктэрэ Мария Заборовская, ыччат түмсүүтүн салайааччыта Мичил Ефремов, «Түмэн» сынньалаҥ киин методиһа Владимир Игнатьев, «Дуораанчык» уһуйаан иитээччитэ Феодосия Максимова, нэһилиэк бастыҥ ыччата Саргылана Чемезова буолаллар. Күрэхпит үс ыллыгынан ыытылынна. Бастакынан «Ааҕар ыллыкка» Дмитрий Николаевич Гаврильев суруйбут Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев кэпсээниттэн «Тыллааҕы тутуу» диэн айымньытын ааҕан баран боппуруоска эппиэттээһин ыытылынна.

Иккис суолбут «Тропа памяти» диэн ааттанан Кыайыы скверин ыраастааһыҥҥа акция быһыытынан ыраастаанна.

Үһүс «Тропа Памяти» диэн ааттаах спортивно — ориентировочнай оонньуу буолан ааста.  Балаһыанньа быһыытынан түөлбэттэн икки оскуола үөрэнээччитэ, икки улахан киһи  быһыытынан кытынна. Күрэх түмүгүнэн «Кэскил» түөлбэ кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ.

Бэрт кыранан хаалан «Аргыс»түөлбэ иккис таҕыста. Онтон «Сайдам» түөлбэ үһүс миэстэҕэ тахсан үөрүү үктэлэннэ. Бэрт сонун оонньууга кыттыбыт дьоммут элбэҕи билэн, күннэрэ туһалаахтык ааспытыгар үөрэн тарҕастылар.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше