Амма улууһугар үс ойуур баһаара бэлиэтэнэр

Амма улууһун ЫБМ хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дьулустаан Сивцев иһитиннэрбитинэн, күн бүгүн улуус үрдүнэн үс ойуур баһаарын умулларыыга үлэ ыытылла турар. От ыйын 13 күнүн туругунан биир баһаар умуруоруллунна.


“Амма улууһун территориятыгар үс ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Бу баһаардар кураанах этиҥтэн таҕыстылар. Бастакы баһаар от ыйын 10 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Ол курдук Болугур нэһилиэгиттэн 23 км сиргэ 60 га сиргэ. Манна 46 киһи үлэлии сылдьар. Иккис баһаар Покровкаттан 46 км сиргэ от ыйын 11 күнүгэр тахсыбыта. Уопсай иэнэ 160 га, 15 киһи умулларыыга үлэлэһэр. Онтон үһүс  баһаарбыт Алтан нэһилиэгиттэн 12 км сиргэ, 0,8 га сиргэ тахсан төгүрүтүллүннэ.  Баһаарга 10 киһи үлэлиир. Онон саҥа баһаар тахсыбатаҕына, бүгүҥҥү туругунан территориябытыгар 2 баһаар хаалыахтаах. Көмөҕө 70 киһи кэлэн үлэлии сылдьаллар. Билигин кураан күннэр салҕаналларынан, дьон-сэргэ тыаҕа сылдьарга уоттан сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт. Биир сэрэҕэ суох хамсаныыттан ойуурга улахан хоромньу тахсыан сөп”, — диэн Дьулустаан Владиславович сырдатта.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше