Аммалыы оһуокай Эмис туонатыгар эйээрдэ

Хомус уонна олоҥхо күннэрин көрсө В.М. Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын оҕолоругар араас тэрээһиннэр, күрэхтэр буолан аастылар.

Бу  туһунан “Эрэкэ –Дьэрэкэ” фольклорнай ансаамбыл салайааччытыттан, меценат Владимирова Матрена Иннокентьевнаттан кэпсииригэр көрдөстүм:

-Оскуолабыт тэрийэр хамыһыыйата күүскэ үлэлээн, сэтинньи 28 күнүгэр «Эмис -олоҥхо түөлбэтэ» диэн декадабытын оҕолорбут олоҥхолорунан, оһуокайдарынан арыйбыппыт. Ону тэҥэ төрүт култуура учуутала Иванова Валентина Ивановна «Олоҥхо олбохторо» диэн маастар-кылаас ыыппыта. Декада иккис күнүгэр талааннаах, уран тарбахтаах төрөппүт, Эмис орто оскуолатын идэлээх сойууһун бэрэсэдээтэлэ Татьяна Григорьевна Дмитриева оскуолабытыгар “Олоҥхо паннота” диэни тэрийэн, матырыйаал атыылаһан  алын кылаас учууталларын, үөрэнээччилэрин кытары сүбэлэһэн  панно оҥордулар, ол түмүгэр кыайыылаахтарынан буоллулар:

1миэстэ — 1кылаас салайааччыта Е.И. Петрова, 2 миэстэ – 3 кылаас салайааччыта Д.В. Захарова, 3 миэстэ — 2 кылаас салайааччыта С.Р. Солдатова.

Оҕолор уонна төрөппүттэр, учууталлар панноларын улууспутугар ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын көрсө оскуолаларыгар бэлэх ууннулар.

Ону тэҥэ «Оһуордаах олонхо дойдута» уруһуй күрэҕин кыайыылаахтара билиннилэр. Алын сүһүөхтэргэ: 1 миэстэ Петрова Айыына, (1кылаас), 2 миэстэ Платонова Диана (4 кылаас), Сысолятина Валерия (2 кылаас), 3 миэстэ Неустроева Наташа (2 кылаас), Васильев Ян (1 кылаас). Орто сүһүөхтэргэ 1 миэстэ Неустроев Валера (6 кылаас), 2 миэстэ Николаев Эрчим (8 кылаас), 3 миэстэ Соловьева Нарыйаана (6 кылаас).

«Сир симэҕэ «Арассыыйа көрдөрүүлээх, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай кэлэктиибин салайааччы, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саһыл Сыһыы Муустаах Оборонатын 100 сылыгар аналлаах авторскай испэктээкил сценариһа уонна туруорааччы режиссера Марианна  Васильевна Ефимова биһиги күндү ыалдьыппыт буолбута.

Биһиги педагог-библиотекарьбыт Захарова Ульяна Устиновна » Олоҥхо уонна хомус» диэн  оонньууну тэрийэн оҕолор хамаандаҕа арахсан көхтөөхтүк кытыннылар. Түмүккэ 1 миэстэни  Степанов Сеня командирдаах “Боотурдар”, 2 миэстэ  Платонов Петя командирдаах “Лыахтар”, 3 миэстэ Ларионов Баир командирдаах “Дьыырай Бэргэн” хамаандалар буоллулар. Оонньууну өр сылларга олохтоох библиотекарынан үлэлээбит Прасковья Романовна Бубякина уонна билигин библиотекарынан үлэлии олорор Ноговицына Мирослава Юрьевна уонна мин буолан сыаналаатыбыт.

Тэрээһиммитин оҕолору кытта Үстүүн Нохсоороп аммалыы оһуокайынан түмүктээтибит»- диэн Матрена Иннокентьевна сиһилии кэпсээтэ.

Николаев Эрчим, В.М Новиков- Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын

8 кылааһын үөрэнээччитэ.

Читайте дальше