Амма улууһун суруналыыстара, общественнай корреспонденнара, нэһилиэктэр баһылыктарын солбуйааччылар Россия бэчээтин күнүн чэрчитинэн бүгүн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ муһуннулар.
Үөрүүлээх мунньаҕы улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова салайан ыытта. Ааспыт сыл түмүктэрин таһаарар, үүммүт сыл былааннарын торумнуур иһитиннэриини “Амма олоҕо” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Наталья Бубякина оҥордо. Үгэс быһыытынан бастыҥ үлэлээх общественнай корреспонденнар, сурутуу ыытыыга көхтөөх дьоммут, бастыҥ сурутуулаах тэрилтэлэр, нэһилиэктэр бэлиэтэннилэр. Ол курдук, 2024 сылга хаһыакка элбэх сурутааччыны көҕүлээбит Бөтүҥтэн Тамара Давыдова, Сулҕаччыттан Елена Попова өйдөбүнньүк бириистэринэн, сурутууга улахан көрдөрүүлээх тэрилтэлэр – Амматааҕы эдэр туристар станцияларын (дириэктэр Николай Николаев) уонна Амматааҕы лиссиэй (дириэктэр Дария Захарова) коллективтара хаһыат оҥорор полиграфическай өҥөлөрүгэр 15 000 солкуобайдаах сертификаттарынан уонна хаһыакка биир балаһаҕа босхо тахсарга мэктиэлэннилэр, хаһыакка сурутууга үрдүк бырыһыаны ылбыт Бөтүҥ уонна Сулҕаччы нэһилиэктэрин дьаһалталара үс ыйга биирдэ босхо хаһыт балаһатынан туһанарга Туоһу суруктарынан бэлиэтэннилэр.
Хаһыат сүрүн көмөлөһөөччүлэрэ – общественнай корреспонденнары бэлиэтээһин ураты үөрүүлээх, истиҥ тыыннаах ааста. Ааспыт сыл түмүгүнэн Амма оройуона Сетевой таһаарыыта өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буолбутугар тутаах дьоммут өҥөлөрө, көмөлөрө тугунан даҕаны кэмнэммэт. Быйыл саамай чаҕылхай үлэлээх общественниктар Амма Наахараттан Ирина Корякина – Олесова, Болугуртан Евдокия Платонова, Соморсунтан Надежда Белолюбская, Амма 1№-дээх орто оскуолатын “АеСеШник” хаһыатын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ Алина Симонова, Вика Федорова, Сайаана Солдатова бэлиэтэннилэр. Оттон “Сыл бастыҥ общественнай кэрэспэдьиэнэ” кубогын быйыл улуус сонуннарын киэҥник сырдатар Майскай нэһилиэгиттэн Нина Перфильева тутта. Бастыҥ үлэлээх көмөлөһөөччүлэрбитин өссө төгүл эҕэрдэлиибит уонна инникитин даҕаны ыкса үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит. Онуоха быйылгы сыл иккис кварталыттан общественнай корреспонденнарга “Сахабэчээт” тэрилтэттэн гонорар олохтонор буолбута эмиэ улахан көҕүлээһин буолуо диэн саарбахтаабаппыт.
Бүгүҥҥү көрсүһүү биир умнуллубат түгэнинэн баһылык солбуйааччыта Нюргуяна Илларионова мантан антах бастыҥ үлэлээх корреспондеҥҥа улуус баһылыгын Степан Кузьмин 30 000 солкуобайдаах Грана сыллата олохтонорун туһунан иһитиннэриитэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Бириэмийэ улуус хаһыатыгар өр сыл үлэлээбит суруналыыс, суруйааччы, бэйиэт, норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар түмсүүлэрин, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Кыһыл көмүс бөрүө” бириэмийэ лауреата, “Ытык аҕа”, “СӨ ытык бэтэрээнэ” бэлиэлэр хаһаайыннара Иван Никитич Корякин – Уйбаан Бөтүүнүскэй аатынан сүгэр буолар.
Бирр даҕаны өрөбүл, бырааһынньык күҥҥэ тохтоон хаалбат үлэлээх суруйар-бичийэр, көрдөрөр-иһитиннэрэр, улуус историятын үйэтитэр дьоммутугар өссө элбэх бырайыактары, саҥаттан саҥа интэриэһинэй идеялары, сонунтан сонун темалары, элбэх ааҕааччылары баҕарабыт.
“Амма олоҕо” хаһыат.