Эмискэ үөрэхтээһин саҕаламмыта 100 сыл буолла

Сэтинньи 6 күнэ — В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын Төрөөбүт күнэ. Бу кэрэ, бэлиэ түгэни бары: учууталлар, үөрэнээччилэр, үлэһиттэр долгуйан туран сарсыардаттан бэлиэтээтибит. Бу күн, архыып докумуоннара сырдатарынан, Эмискэ 1923 сыллаахха, Аччаахы алааска аан бастаан алтан чуораан алгыһынан үөрэх күнэ саҕаламмыт.

Оскуолабытыгар бу күн устата араас тэрээһиннэр тиһигин быспахха салҕанан баран истилэр. Ол курдук, алын кылаас үөрэнээччилэригэр оскуолабыт иһинэн үлэлиир саха наруодунай бэйээтэ Күннүк Уурастыырап олоҕун, айар үлэтин сырдатар кылаас-түмэли 6 кылаас экскурсовод кыргыттара уонна “Оскуола историятын” кэрэһэлиир  краеведческай түмэлгэ  алын кылаас учуутала Т.Г.Неустроева сэһэргээбиттэрин кэрэхсээн иһиттилэр.

Уруоктар быыстарыгар “Эрэкэ-Дьэрэкэ” фольклорнай куруһуок салайааччыта М.И. Владимирова оскуола оҕолоруттан, учууталлартан баҕа санааларын, истиҥ эҕэрдэлэрин уһулан оскуолабыт күннээҕи үлэтин, түбүгүн көрдөрбүтэ, история кэрэһитэ буолуо дии саныыбын.

Күнүс 3 чаастан симэммит, киэркэйбит актовай саалабытыгар ааспыт үйэҕэ араас сылларга оскуолаҕа үөрэммит, үлэлээбит нэһилиэкпит ытык кырдьаҕастара: Пестерева Евдокия Егоровна, Солдатова Екатерина Николаевна, Неустроева Прасковья Семеновна, Наумов Иван Иванович, Гаврильев Алексей Ильич, Петров Иосиф Васильевич, Михайлов Анатолий Алексеевич. Маны сэргэ, оскуолабыт үтүө санаалаах убаастабыллаах меценаттара кэлэн маанылаах ыалдьыт буоллулар.

Ытык дьоммут сэрии кэмигэр, кэнниттэн олус кыһалҕалаах олох кэмигэр даҕаны сырдыкка-билиигэ тардыһыыларын, хайдах үөрэммиттэрин, убаастыыр, истиҥник саныыр учууталларын туһунан ахтан- санаан аастылар, үлэлээбит сылларын туһунан сырдаттылар.

Меценаттар ааттарыттан Константинова Наталья Николаевна, оҕолорго үчүгэй үөрэхтээх, дириҥ билиилээх, дойдугутугар туһалаах дьон буола улаатыҥ диэн алгыһын эттэ.

Мин, 21 үйэ үөрэнээччитэ, урут тэтэрээт, уруучука оннугар оһох курунньугунан маска суруйа-ааҕа  үөрэнэн, 88 саастарыгар диэри кинигэни-хаһыаты доҕор оҥосто сылдьалларыттан олус сөхтүм. Үөрэппит учууталларын олус күндүтүк, ытамньыйа ахталлара олус күндү да эбит.

Тэрээһиммит түмүк чааһыгар, сыллата туттарар “Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ” ааты ылбыт үөрэнээччилэрбитин чиэстээтибит. Ол курдук, алын кылаастар бастыҥ үөрэнээччилэринэн буоллулар: 4-с кылаас үөрэнээччилэрэ Виолетта Ларионова уонна Алеша Захаров. Онтон улахан кылаастарга бастыҥ үөрэнээччи аатын сүктүлэр: 10 кылаас үөрэнээччитэ Карина Гаврильева уонна оскуолабыт выпускнига буолаары сылдьар, 11 кылаас үөрэнээччитэ Богдан Бубякин. Кинилэргэ инникитин  үөрэхтэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.

Оскуолабыт директора Гаврил Захаров:” Бу бастакы тэрээһиммит олус истиҥник ааста, мантан ыла хас сылын ахсын бэлиэтиир буолуохпут”,- диэн эппитин долгуйа, үөрэ иһиттибит.

Маннык истиҥ-иһирэх көрсүһүүлэр буола турдуннар!

Эрчим Николаев, Эмис орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ.

Читайте дальше