«ЭкоДом» ХЭТ салайааччыта Михаил Александров Покровка нэһилиэгэр соломонон туппут дьиэтэ сыл устата ХИФУ инженернэй-техническэй институтун учуонайдарын харахтарын далыгар улахан тургутууну ааста. Дьиэ саха сирин тыйыс тымныытын, бүтэй куйааһын туох-хайдах тулуйарын кыраҕатык кэтээн, иһин-таһын көтүрэн көрө-көрө сыныйан үөрэттилэр. Билигин чинчийии сыл аҥардааҕы иирчэҕин-баарчаҕын толору арыйар 160 бэчээтинэй илиистээх тос курдук улахан научнай үлэ суруллан Михаил Петрович остуолугар мөлбөйөн сытар. Өр кэмнээх көлөһүннээх үлэ, сыра-сылба сииккэ сиэлбэтэ, хаарга хаампата.
Соломонон дьиэни тутар толкуй, санаа-оноо Аммаҕа элиэтээбитэ быданнаата. Ону олоххо киллэрэргэ тыл көтөхпүт, далаһа бырахпыт киһинэн Николай Архиповы ааттыахха сөп. 2017 сыллаахха улууһу салайа олорон кини бастакынан өй уган турар. Баһылык толкуйун хоту 2019 сыллаахха мээндигилэр тутан холоммуттара да, кыайтарбатаҕа. Тымныы уонна кутуйах курдат сүүрэр диэн ол дьиэҕэ кыстыы да сорумматахтара. Онон саҥаны саҕалааччы Александров соломону тутуу матырыйаалын быһыытынан туһанарыгар наукаҕа сигэнэн, чинчийиигэ олоҕуран ылсыбыта – кини таба тайаныыта буолла.
Тутуллубут дьиэ бастакы сылларыттан дьон сэҥээриитин ылбыта. Элбэх суруналыыс сонурҕаан хаста да кэлэн сырса сылдьан үлтү хайҕаан ыстатыйа суруйан турар. Михаил Петрович, бу бырайыагын тэлгэһэтиттэн тэлэһитэн киэҥник тарҕатар санаалаах, ыырын кэҥэтэрдии ыраахха чарапчыланан олорор.
Дьон биллин-көрдүн диэн бу сайын Покровкаҕа өрүс үрдүгэр сынньанар дьиэ тутан балачча элбэх ыалдьыт кэрэхсэбилин ылан сылдьар. Улууска, ону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан соломоттон дьиэ тутуутун саҕалаабыт, олоххо киллэрбит урбаанньыт Михаил Александровы кытта кэпсэтиини сиһилии «Амма олоҕо» хаһыат бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕыаххытын сөп.
Олег ЕГОРОВ