Лээгигэ умнуллубат күн ааста

Быйылгы сыл Лээгиттэн төрүттээхтэргэ үбүлүөйдээх умнуллубат сыл. Бу бэлиэ күннэрин бэлиэтээн уонна Улуу Кыайыы күнүн ыла үгэс буолбут «Өбүгэ аартыгынан»массыынанан айаннара  ахсыс төгүлүн ыытылынна. Бу күн аны сайын ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар толоруллар олоҥхо аан бастакытын Лээгиттэн саҕаланна.


Бэлиэ күн Амма Наахара нэһилиэгиттэн саҕаланна. Айан кыттыылаахтарын улуус баһылыга Степан Кузьмин, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,  айан тэрийээччитэ Руслан Федотов,  нэһилиэк баһылыга Захар Александров, Ил Дархан уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын судаарыстыбаннай боротокуол уонна наҕараада Управлениетын старшай референа Артур Матвеев эҕэрдэлээтилэр, алгыстаах айаны баҕардылар.  Ахсыс төгүлүн ыытыллар массыынанан айаҥҥа 20-тэн тахса массыына, сүүсчэкэ киһи киһи кытынна. Лээгилэр нэһилиэктэрэ көһөрүллүбүтэ 55 сылын уонна Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтээн урукку киин уулуссаларынан сэлэлии хаамтылар, миитин оҥордулар,  баҕа санааларын этэн саламаларын ыйаатылар. Быйыл 100 саастарын туолар Лээги ытык дьонун ыччаттара Кыайыы болуоссатыгар турар кэриэстэбил өйдөбүнньүккэ гирлянда,  сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Өрүс устун айан үс сиргэ тохтобуллаах буолла. Ол курдук Өнтө хайатыгар,  Төгүлтэ Төрдүгэр  уонна Суруктаах Хайаҕа. Айанньыттар бу ытык сирдэригэр хаартыскаҕа түһэн, алаадьы ууран, бары сиэри-туому толордулар. Дьэ онтон Лээги учаастагар үктэнээт, урукку киин уулуссаларыгар тохтоон, Кыайыы болуоссатыгар диэри сэлэлии хааман киирдилэр. Кинилэр илиилэригэр сэрии кыттыылаахтарын мэтириэттэрин тутан, мантан уоттаах сэриигэ кыттыбыт 122  буойун бу күн дойдуларыгар сэлэлии хааман киирдилэр. Болуоссакка  үүммүт бэлиэ күнү  ытыгылаан, аал уоту уматан, кымыһы түһэрэн,  алгыс этилиннэ. Миитиҥҥэ мустубут дьону бу олохторугар долгутуулаах күнүнэн биир дойдулаахтара, Лээгилэрин тилиннэрбит Арассыыйа бочуоттаах мецената Руслан Федотов, Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, үлэ бэтэрээнэ, ытык кырдьаҕас Степан Федоров, Лээгиттэн төрүттээх Нөмүгүтээҕи килиэп собуотун дириэктэрин солбуйааччы Артем Нестерев  эҕэрдэлээтилэр, алгыс тылларын тириэртилэр, наҕараадалары туттардылар. Ити  кэнниттэн бука бары кэлбит ыалдьыттар “Лээги” түмсүү тэрийбит минньигэс мииннээх, соркуойдаах остуол тула олорон сибиэһэй салгыҥҥа эбиэттээтилэр, сэһэргэстилэр, ааспыты ахтыстылар. Бу күн  олоҥхоһут, учуонай Юрий Борисов кэлэн «Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан» диэн бырайыагын саҕалаата. Кэлбит дьон Юрий олоҥхолоон доллоһутарын сэргээн иһиттилэр. Таһырдьа кытта колонка туруоран, олоҥхо бүтүн учаастак устун дуорайда. Айан кыттыылаахтара урукку миэлиҥсэ дьиэтигэр оҥоһуллубут түмэли көрдүлэр, урукку олохторугар ыччаттарын илдьэн алаадьы уурдулар.

“Маннык айан кэнчээри ыччакка ананан ыытыллар. Өбүгэлэрин сирин умнубаттарыгар, куруутун кэлэ туралларыгар туһаайыллар патриотическай суолталаах буолар.  Бу айан 2005 сыллаахтан, Кыайыы 60 сылын бэлиэтээһинтэн  саҕаламмыта. Биһиги лээгилэр ыам ыйыгар суолбут суох буолан, кулун тутар ый бүтүүтэ Кыайыы күнүн  аан бастакынан бэлиэтиибит. Бу кыракый  нэһилиэктэн Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ 122 киһибит барбыта. Онтон 38-һа сэрии толоонугар хорсуннук охтубуттара. Биһиги кинилэри чиэстиир, ахтан-санаан ааһар ытык иэспит. Онон урукку Кыайыыбыт болуоссатыгар ааттарын суруйан өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбуппут.  Быйыл күүс өттүнэн көһөрүүбүт 55 сылын туолла. Онон эмиэ дьоммут-сэргэбит кэлэн урукку өтөхтөрүн көрөн, онно алаадьы ууран, ыччаттарыгар билиһиннэрэн бараллара махталлаах. Дойдубут барахсан умнуллуо суохтаах. Дойдулаах киһи бигэ тирэхтээх буолар. Онон биһиги дойдулаах буоламмыт бөҕөхпүт, сирдээх буолан силистээхпит, дьонноох буолан дьоллоохпут”,- диэн этэр массыынанан айан тэрийээччитэ, төрөөбүт дойдутун иккис тыыннаабыт Руслан Федотов.

Лээгигэ айан туһунан сиһилии өссө хаһыаппытыгар сырдатыахпыт.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше