Өссө Саҥа дьыллааҕы сандалы тула олорон, бу сыл Саха сиригэр дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитинэн, Аммабыт улууһугар ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕар дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууга аҕабыт этиитин ылынан, биир сүбэнэн кыттарга быһаарыммыппыт. Бу кэмтэн ылата бэлэмнэнии түбүгэр түспүппүт.


Сүрүн түмээччи, тылы – өһү сааһылааччы, оруолларга араарыы аҕабыт, Орлов Гаврил Иванович, быһаарыытыгар буолбута. Олоҥхо киэн эйгэтигэр сорох сорохторбут саҥа сыһыарыллыбыппыт. Өр толкуй кэнниттэн “Ньургун Боотур” олоҥхоттон  “Үрүҥ уолан кыргыһыыга турунуута” быһа тардыыга тохтообуппут. Сүрүн сыалбытынан бэйэбитин уонна оҕолорбутун саха төрүт культуратын эппитигэр-хааммытыгар иҥэрии, сыһыарыы буолбута.

Бэлэмнэнии хайаан да холонон көрүүлээх буолуохтаах. Ол курдук, бастакы сүрэхтэниибит Сахабыт сирин килбэйэр киинигэр “Уруйдан, Улуу Олоҥхо!” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска ааспыта. Бастакы кыттыыбыт буолан олус долгутуулаах этэ. Бу күрэххэ кыттыбыт састааппыт: олоҥхоһут, Ньургун Боотур, Сорук Боллур – Орлов Гаврил Иванович, ыал аҕа баһылыга, толорбута, иккис олоҥхону толорооччу – Орлова Алена Гаврильевна, кыыстара, Аан Алахчын – Орлова Варвара Гаврильевна, ийэбит, Үрүҥ Уолан – Попов Михаил Сергеевич, күтүөт уол буолан толорбуппут. Уһун умсулҕаннаах кэтэһии кэнниттэн бу конкурска “Эдэр кэскиллээх толороочулар” диэн анал аакка тиксэммит үөрүү үктэллэнэн, күүспүтүгэр күүс эбиллибитэ. Аҕабыт дьиэ кэргэнинэн толоруунан муҥурдаммакка соҕотохтуу толорууга тэҥинэн холоммута. Бу конкурс кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ этиитинэн састааппытын эбэн, тылбытын – өспүтүн эбии сааһыланан дьарыкпыт салҕыы барбыта.

Буоларын курдук ханнык баҕарар тэрээһиҥҥэ ыарахан өрүттэрдээх буолар. Биһиэхэ ол өрүтүнэн оҕолор атын атын улуустарга олорорбут буолбута, онон бэлэмнэниибит аныгы бириэмэ технологиятынан, экран нөҥүө көрсөн олорон ааспыта. Конкурспут буолуон нэдиэлэ иннинэ бары мустан, бэйэ бэйэбитин өйдөһөн, сыаналаһан, турукпутугар киирбиппит.

Долгутуулаах күммүтүгэр Кыыс Амма кытылыгар, «Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьитиэххэ”  олоҥхо түһүлгэтигэр кэлбиппит. Сарсыардаттан түһүлгэҕэ киирэн миэстэбитин булунан долгуйуубут өссө күүһүрбүтэ. Аҕабыт дьиэ кэргэнинэн толорууга ону тэҥэ «Олоҥхо ыһыаҕын” арыллыытыгар, Этигэн тэҥсик, Сорук Боллур буолан, Олоҥхо туруоруутугар Амма улууһун 12 олоҥхо толорооччуларын састаабыгар талыллан, оҕонньор тойугун толорор, бэйэбит холбутугар сүрдээх улахан эппиэтинэс сүктэриллибитэ. Ону ааһан биирдиилээн олоҥхо, тойук толоруутугар кыттыбыта. Бары түмсэн, үллэстэн аҕабыт толоруулара этэҥҥэ ааспыттара. Сиэн оҕолор эһээлэрин толорууларын биир тыынынан истибиттэрэ.

Дьиэ кэргэнинэн толорууга састааппыт эбиллэн кэлбиппит, ол курдук: олоҥхоһут, Ньургун Боотур – Орлов Гаврил Иванович, ыал аҕа баһылыга, иккис олоҥхону толорооччу – Орлова Алена Гаврильевна, кыыстара, үһүс олоҥхоһут – Артемьев Эрсаан Егорович, сиэн уол, Аан Алахчын – Орлова Варвара Гаврильевна, ийэбит, Туйаарыма Куо – Орлова Варвара Гаврильевна, кыыстара, Үрүҥ Уолан – Попов Михаил Сергеевич, күтүөт уол, Сорук Боллур – Артемьев Святослав Егорович, улахан сиэн уол буолан толорбуппут. Маны барытын өйөөччүнэн, тэрээһин боппуруоһун быһаарыытынан дьиэ кэргэн бүттүүн дьарыктаммыта. Олоҥхону сөбүлээн истээччилэр элбэхтэрэ соһуппута. Интэриэһиргээн истэ олорор дьон иннигэр толоруу туспа эйгэтэ манна арыллыбыта: долгуйуу, дьон интэриэһин тардыы, тиритии-хорутуу да баар этэ. Бу олорон “дьоммун түһэн биэрбэтэрбин” —  диэн санаа элбэхтэ охсуллан ааспыта. Аны толоруу бириэмэтин буолар күн кыччатаннар, тутатына тыл сааһылааһыннаах буолбута. Ол да буоллар сыалай 10 мүнүүтэни олоҥхо тылыттан быһан ылан быраҕыы, сүрүн өйдөбүлүн хаалларыы уустук сорук этэ.

Толорон бүтэн тахсан баран аны сарсыҥҥы күнүгэр түмүк истиитин күүтүү эмиэ бэйэтэ кыра олох буолбута. Сарсыарда чып курдук тиийэн түмүкпүтүн истибиппит. Дьиэ кэргэнинэн толорууга, 35 кыттыбыт дьиэ кэргэнтэн, “Истээччи биһирэбилэ” анал аат хаһаайыттара буолан үөрүүбүт үрдээбитэ. Бу кыайыыбытын аҕабыт биирдиилээн холонууга кыттыбыт ситиһиилэрэ толорон биэрбитэ. Ол курдук, олоҥхо персонажтарын Абааһы уолун оруолун толорон анал аат хаһаайына буолбута, олоҥхо дойдутун “тута хоһуйуу” курэҕэр 2 үрдэли  ылары ситиспитэ.

Олоҥхо туспа эйгэтигэр уһуйуллуу, бэйэни тургутан көрүү, дьиэ кэргэни бииргэ түмүү, долгуйуу, кыайыы чыпчаалын ситиһии – маны барытын “Олоҥхо киэҥ түһүлгэтэ” бэлэхтээбитинэн тэрийээччилэргэ улахан махтал буолуохтун!

 

Алена Орлова, Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгэ.

Читайте дальше