Бу күннэргэ улууспут үөрэҕин үлэһиттэрин балаҕан ыйдааҕы сүбэ мунньахтара ыытыллан ааста. Мунньах биир улахан тэрээһининэн быйыл иккис сылын ыытыллар оскуола биисинэс инкубатордарын быыстапката буолла. Нэһилиэнньэ манна сылдьан оскуолалар оҥорон таһаарар бородууксуйаларын хамаҕатык атыыласта.
“Иккис сылын ыытыллар оскуолалар дьаарбаҥка- быыстапкаларыгар Бөтүҥ орто оскуолата элбэх оҥорон таһаарарбыт бородууксуйалаах, бырайыактаах буолан кыайыы өрөгөйүн биллэ. Ол курдук 3-с кылаас үөрэнээччитэ Иванов Ньургун Сочи куоракка баран бэйэтин бырайыагынан кыттан лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ. Салайааччыта Дьяконова Марта. Былырыын бу оскуола үһүс миэстэ буолан, ол харчытыгар попкорн, саахарнай баата оҥорор оборудование ылан, ол бородууксуйатын атыылаата. Быйыл ааспыт сыллааҕар арыый аҕыйах оскуола кытынна. Ол да буоллар сайдыы барбыт диэн көрдүм. Холобура былырыын “Бастыҥ резидент” аатын ылбыт Амматтан Рада Сутакова Дьокуускайга Центр Мой бизнес ненуе киирэн 3 хонуктаах уерэххэ киирэн үөрэнэн кэлбитэ. Онтон ылбыт билиитин туһанан быйыл элбэх кондитерскай көрүҥнэри аҕалан атыылаан, бородууксуйата барыта хамаҕатык барда. Ону сэргэ бэйэм Соморсун орто оскуолатын оҕолорун бэйэлэрэ оҥорор мыылалара сыттыын тупсубутун бэлиэтээтим. Уопсайынан маннык дьаарбаҥка тэриллэрэ олус үчүгэй. Оҕолор кыра саастарыттан атыыга-эргиэҥҥэ, бэйэ дьарыгын сайыннарыыга, дьиэ кэргэҥҥэ дохуот киллэриигэ үөрэнэллэр. Аны бородууксуйаларын батарарга үөрэнэллэр. Маны таһынан быйыл Болугур орто оскуолатыттан икки кыыс киирэн сэбэрэни тупсарыыга, маникюр оҥорууга өҥөлөрү оҥордулар. Дьон сырытта, сэргээтэ. Маннык оҕолорбут бэйэ дьарыктаах буолуутугар билиҥҥэттэн үлэлэһэллэрэ олохторугар хайаатар да туһалаах буолуо. Маннык хамсааһыннары биһиги өйүүбүт”, — диэн этэр Амма улууһун “Мин биисинэһим” киин салайааччыта Александра Николаева.
Оскуолалар биисинэс-инкубатордарыгар бастыҥнары быһаарыыга улахан састааптаах дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ. Бэрэссэдээтэл улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова. Улуус быйыл эмиэ оҕолору өйүүргэ 100000 солкуобайы көрбүт.
Быыстапкаҕа оҕуруот аһа, онтон оҥоһуллубут араас кэнсиэрбэлэр, минньигэс кондитерскай оҥоһуктар, соҕотуопкалар, ону сэргэ бэйэ сиэдэрэй оҥоһуктара турдулар. Итини таһынан быйыл оскуола өҥөнү оҥоруутун эмиэ көрдөрдүлэр. Ол курдук холобура, Болугур орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ сэбэрэни киэргэтэр уонна маникюру оҥорор кыахтаахтарын билиһиннэрдилэр. Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ быыстапканы көрдө, сыаналаата. Санатан эттэххэ улуус дьаһалтата оскуола биисинэс инкубатордарын өйөөн былыырын уонна быйыл кыайыылаахтары бэлиэтииргэ диэн 100 000 солкуобайы көрөн турар.
Түмүккэ “Бастыҥ биисинэс бырайыак”-ка кыайыылааҕынан Бөтүҥ орто агро хайысхалаах оскуолата тахсан 50000 солк, иккис миэстэ Чапчылҕан орто оскуолата буолан 30 000 солк. уонна үһүс миэстэни Болугур орто оскуолата ылан 20000 солк сертификаттарынан наҕараадаланнылар. Маны сэргэ үөрэнээччилэр ортолоругар эмиэ бастыҥ үлэлээхтэри быһаардылар. Маныаха Чапчылҕан орто оскуолатын үөрэнээччитэ Антон Чириков уонна Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ Ньургун Иванов “Бастыҥ резидент” ааттарын ыллылар. Оҕолору биисинэс эйгэтигэр угуйар дьонунан кинилэр салайааччылара буолаллар. Ол курдук “Бастыҥ салайааччы” аатын уонна бастакы миэстэни Амма 2№-дээх оскуолатыттан Елена Кузьмина, иккис миэстэни Амма 1№-дээх орто оскуолатыттан Егор Баттахов, үһүс миэстэ Соморсун орто оскуолатыттан Анастасия Федорова буоллулар. Онтон “Бастыҥ табаар” диэн номинацияны Амматааҕы лиссиэй үөрэнээччитэ Өркөн Солдатов, “Бастыҥ бородууксуйа” номинацияны Абаҕа орто оскуолатын кэлэктиибэ, “Бастыҥ презентация” номинацияны Эмис орто оскуолатыттан Эрчим Николаев, “Бастыҥ өҥө” номианцияны Болугур орто оскуолата, “Бастыҥ партнер” номинацияны тимир уустарын түмсүүтэ уонна “Бастыҥ спонсор” номинацияны урбаанньыт Андрей Федотов ыллылар.
“Амма олоҕо” хаһыат