Туораахтаах култуураны хомуйуу былаана 115,8 бырыһыан туолла

Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүн туругунан улуус үрдүнэн туораахтаах култуураны хомуйуу былаана 115,8 бырыһыан туолла. Ыһыллыбыт 3727 гаттан 2878 гата хомулунна.


Амма улууһугар ыһыы үлэтэ күн-дьыл туран биэрэн хомуур үлэтэ тэтимнээхтик барар. Уопсайа 3727 га ыһыллыбыттан күн бүгүн 2878 га хомуллунна. Ол иһигэр 160 га сэлиэһинэйтэн 105 га, 1178 га ньэчимиэнтэн 999,4 га уонна 2389 га эбиэстэн 1774 гата быһылынна. Валовайынан былааннаах 4289,7 туонна оннугар хомуллубут иэнтэн 4969, 5 туонна туораахтаах култуура ылылынна. Ол иһигэр 202 туонна сэлиэһинэй, 1387 туонна ньэчимиэн уонна 3381 туонна эбиэс. Үүнүү ортотунан биир гаттан 17,3 центнер кэлэр. Ити иһигэр сэлиэһинэй 19,2 центнер, ньэчимиэн 13,9 центнер уонна эбиэс 19,1 центнер. Хомуур үлэтэ салҕанар.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше