Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин биллэрбитинэн, ыраах, Амма улууһун Эмис нэһилиэгин, Олом Күөл учаастагар бу күннэргэ вайфай сибээһэ киирэн, олохтоохтор интернетинэн, суотабай төлөпүөнүнэн туһанар буоллулар.

“Элбэхтик туруорсаммыт нэһилиэкпититтэн 25 км үчүгэй суола-ииһэ суох Олом Күөл учаастагар бу күннэргэ дьэ суотабай сибээһэ олохтонно. Ол курдук РТКком” диэн Ростелеком хампаанньа дочерняй тэрилтэтэ тахсан манна станция туруоран вайфай сибээһин холбоото. Бу учаастакка икки ыал олорор. “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ тирэх хаһаайыстыбата, биир бааһынай хаһаайыстыба баар. Бу урут тигинээн-таҥынаан үлэлии олорбут учаастак этэ. Суол иис суох буолан мантан дьон көһөн билигин аҕыйах киһи олорор. Ол да буоллар бу биһиги олохтоох дьоммут буолаллар. Хаһан баҕарар кинилэри кытта сибээс наада. Онон дьэ бастакы холбонуулар буолан, дьоммут, биһиги да үөрүүбүт улахан. Онон “РТКком” тэрилтэҕэ махталбытын тириэрдэбит”, — диэн Прокопий Петрович сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат


