Амма улууһун айар талааннаах дьонноруттан биирдэстэрэ Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Дария Васильева -Амма Даайыс буолар. Уһун сылларга кэнчээри ыччаты иитиигэ үлэлээн Дария Егоровна айар кута оҕо аймахха, оҕо сааска ананар.
«Мин олоҕум тухары оҕолору кытта алтыспыт буолан, айар, суруйар суолбар кинилэр сирдээн киллэрбиттэрэ диэн этиэхпин сөп. Оҕо чуопчаарар куолаһа, кини тулалыыр эйгэни хайдах баарынан, ыраас лиис курдук ылынара, барытын сонургуу көрөрө — бу барыта киһиэхэ ураты эйгэни биэрэр. Онон мин хоһооннорум — мин оҕолорум, бары кэриэтэ оҕо саас кэрэ кэмнэригэр ананаллар. Оҕо барахсан — бу олох саамай күндүтэ, олох өйдөбүлүн кэрэхсэтэр кэрэтэ буоллаҕа», — диэн этэр Дария Егоровна.
КҮН уонна ОҔО
Сааскыттан саҕалаан
Сандал күн сатыылыыр,
Күөх халлаан күөнүгэр
Көччүйэ күүлэйдиир,
Күлүмнүүр мээчиктии
Күөгэйэ күлтэҥниир,
Киэһэтин күлүккэ
Кииримиэн да саныыр.
Ол онтон оҕолор
Олус диэн үөрэллэр,
Көҥүллүк таһырдьа
Көрүлүү көтөллөр.
Күн оҕо иэдэһин
Оргууйдук таарыйар,
Оччоҕо ол оҕо
Иэдэһэ тэтэрэр.
Тэтэркэй иэдэһи
Ким бары сөбүлүүр,
Быллайбыт сирэйи
Биһирээн өр сыллыыр.
ОҔО БААРЫН ТУХАРЫ
Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа
Саамай күндү, кэрэ — күн,
Күөх хонууга киирдэххэ
Олус кэрэ — сибэккиҥ,
Ойуур тыаҕа барыаҕыҥ —
Минньитэрэ — дьэдьэнэ,
Оттон дьиэҕэ киирдэххэ,
Бу баар дьиҥнээх дьол — оҕо!
Минньигэһиэн саҥата,
Ноотоҥнуура — мааныта,
Эҥин араас хамсанан
Эрбэҥниирэ, күлүүтэ,
Дьоһумсуйан олорон
Тугу эрэ ойуулуур,
Ол ойуутун көрдөххө,
Күнэ күүскэ күлүмнүүр.
Маннык кыра дьонноруҥ
Норуот буолан тахсаллар,
Дойду, омук сайдыытын
Саргылааччы буолаллар.
Саха омук хаһан да
Сарбыллыбат дьылҕалаах,
Оҕо баарын тухары
Үүнэр,үрдүүр аналлаах!
ОҔО,ОҔО БАРАХСАН—
ОЛОХ СААМАЙ КҮНДҮТЭ,
ОҔО — ОЛОХ ӨЙДӨБҮЛҮН
КЭРЭХСЭТЭР КЭРЭТЭ!
«Амма олоҕо» хаһыат