«Кэскил» хаһыат эдэр общественнай корреспонденнара, Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Нарыйа Иванова уонна Радмир Дьяконов нэһилиэктэрин инники сайдыытыгар ис сүрэхтэриттэн долгуйаллар. Эдэр көлүөнэ онуоха хайдах күүс-көмө буолуон сөбүн баһылыктарын кытта кэпсэтииттэн биллилэр.
Биһиги төрөөбүт төрүт түөлбэбит сэттэ ини бии Бөрө Бөтүҥнэртэн төрүттээх ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Кыыс Амма кытылын өҥөйөн сытар бөдөҥсүйбүт Бөтүҥ нэһилиэгэ буолар. Нэһилиэкпит баһылыга – Алексей Никитин. Биһиги Алексей Николаевичтыын көрсөммүт нэһилиэк олоҕун, дьаһалта үлэтин инники соруктарын туһунан кэпсэттибит.
– Үтүө күнүнэн, Алексей Николаевич! Бүгүн эһигини кытта көрсөн, дьаһалта ханнык сүрүн соруктары туруоран үлэлиирин туһунан кэпсэтэргэ сананным. Онон бастакы ыйытыым – биһиги нэһилиэкпитигэр уопсайа хас киһи олороруй?
– Үтүө күнүнэн! Кэпсэтэ санаа атастаһа кэлбиккитигэр махтанабын. Бүтэһик ыытыллыбыт биэрэпис дааннайынан, нэһилиэкпитигэр 1110 киһи сурулла сылдьар. Ол иһигэр 22 – сэрии сылын оҕолоро, 4 – тыыл бэтэрээнэ.
– Эһиги санааҕытыгар, мин атын сиргэ олорор биир саастыылаахтарбар нэһилиэгим туһунан ханнык чахчылары биир бастакынан кэпсиэхпин сөбүй?
– Киһи ханна да тиийдин, аан бастаан хантан сылдьарын, дойдутун историятын, төрдүн-ууһун, хантан силистээх-мутуктаах киһи буоларын туһунан кэпсиэхтээх. Ол иһин эн бэйэҥ дойдуҥ туһунан кэпсииргэр төрдүгүн-уускун үчүгэйдик билиэххин наада. Биһиги Бөрө Бөтүҥнэр Лөглү Бөҕөттөн төрүттээхпит, сэттэ ини-бии бырааттыылар олорон ааспыт историяларын, сахалартан бастакы Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолбут Анна Михайловна Васильева-Сэбиэт Аана олоҕун, кини дьүккүөрдээх үлэтин-хамнаһын, билигин даҕаны үлэ үөһүгэр сылдьар тумус туттар киһибит Аграфена Егоровна Сутакова курдук нэһилиэкпит киэн туттар, чулуу дьоннорун туһунан кэпсиэххин сөп.
– Алексей Николаевич, төһө сүөһүлээхпитий, сылгылаахпытый?
– Алтынньы ыйдааҕы дааннайдарга тирэҕирэн эттэхпинэ, ынах сүөһүбүт ахсаана – 1700, сылгыбыт – 1430. Бу сыыппаралар күһүҥҥү идэһэ кэнниттэн, сэтинньи ый бүтүүтэ, уларыйаллар.
– Кэнники биэс сылга Бөтүҥ нэһилиэгин саамай улахан ситиһиитин туохха көрөҕүтүй?
– Өр сылларга күүппүт, бары күүспүтүн-уохпутун ууран, үлэлээн-хамсаан, субуотунньук бөҕөтүн ыытан оҥорбут, тутан таһаарбыт биир саамай улахан тутуубут биһиги оскуолабыт буолар. Ону тэҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах спортивнай саала. Бу икки улахан тутуу олоххо киирбитэ – улахан ситиһии.
– Нэһилиэк иннигэр бүгүҥҥү күҥҥэ ханнык сүрүн кыһалҕа турарый уонна ону быһаарарга туох үлэ ыытылларый?
– Кыһалҕа, кырдьык, элбэх. Ол курдук, балыыһабыт тутуута. 2019 сыллаахтан аварийнай туруктаах буолан, киһи эмтэнэригэр, быраас үлэлииригэр усулуобуйалара мөлтөх. Онон балыыһабыт тутуута билигин бастакы сорукпутунан буолар. Туһааннаах тэрилтэлэри, министиэристибэлэри кытта үлэ барар турар. Маны таһынан балыыһабытыгар быраас тиийбэт. Бу боппуруоһу туруорсубуппут ыраатта эрээри, билигин да миэстэ аһаҕас турар.
2015 сыллаахха хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү программатыгар киирбиппит. Икки эргэ этээстээх дьиэлэр көтөрүллэн, саҥа дьиэ тутуллуохтаах. Онон тутуу чааһыгар нэһилиэкпитигэр элбэх үлэ ыытыллара күүтүллэр.
– Алексей Николаевич, биһиги, оҕолор, нэһилиэкпит сайдыытыгар тугунан көмөлөһүөхпүтүн сөбүй?
– Бастатан туран, мин эһиэхэ үөрэххитигэр үчүгэй көрдөрүүнү баҕарабын. Бэйэҕитин спордунан, культуранан, олоҥхонон дьарыктаан, сайыннаран, саха сиэрин-туомун иҥэринэн, нэһилиэк эрэ иһигэр буолбакка, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, Россияҕа тахсан дойдугут аатын ааттатын диэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, эһиги Бөтүҥ нэһилиэгин инники сайдыыта буолаҕыт.
– Алексей Николаевич, интервьюгут иһин махтанабын.
Баһылыгы кытта интервью видеотун манна көрүҥ https://vk.com/video-199463452_456240935?list=5c9f0fbd3ace3a9906
Кэпсэттэ Нарыйа ИВАНОВА, VII кылаас. Видеоҕа уһулла Радмир Дьяконов, VII кылаас.