Болугурга «Гольдеровтар көмүс күһүннэрэ» күндээрдэ

Болугур нэһилиэгэр быйыл тохсус төгүлүн “Гольдеровтар көмүс күһүннэрэ-2023”  бырайыак  бэрт сэргэхтик буолан ааста. Көрсүһүүгэ Сатаҕайтан, Абаҕаттан, Амматтан, Амма Наахараттан үөрэнээччилэр кэлэн бырайыак күрэхтэригэр кытыннылар. Күндү ыалдьыттарын болугурдар арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.  Бырайыак 2007 сылтан саҕалаан  икки сылга биирдэ тэриллэн кэллэ.

Бу күн Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Саргылана Гольдерованы-Саргы Куону кытта Амма улууһун үөрэнээччилэрин кытта көрсөөрү дьоллоох Дьокуускай куораттан айан суолун тутан, саха тылын филологиятын дуоктара, ХИФУ профессора, Былатыан Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, 70 сааһыгар үктэнэригэр 99 кинигэни суруйбут учуонай Варвара Борисовна Окорокова уонна Соморсунтан төрүттээх биир дойдулаахпыт, 7 хоһоон кинигэтин ааптара, олоӊхо-тойук олуктаах, сахалыы толкуйдаах хоһоонньут, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Любовь Горохова – Сүүмэх кэллилэр.

Маны сэргэ куйаар ситимин нөҥүө  Москуба куоракка олорор, нууччалыы айар Көлбө Мэхээлэ  эҕэрдэтин, махталын тиэртэ, норуот тапталлаах суруйааччыта Миитэрэй Наумов  санаатын этэн, эҕэрдэтин ыытта. Мустубут дьон ытыктыыр дьоммут Василий Федотович Гольдеров – Ороһу Уола, Саргылаана Васильевна Гольдерова — Саргы Куо уонна Михаил Васильевич Дьячковскай – Көлбө Мэхээлэ хоһооннорун муоратыгар умсаахтыы оонньоотубут. Хоһоон бөҕө сахалыы-нууччалыы ааҕылынна, Саргы Куо ырыалара ылланнылар, ытык дьоммут хоһоонноро сахалыы, нууччалыы, бэл, английскай тылынан тылбаастаннылар.

Дьүүллүүр Сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Аммалар биллэн эрэр суруйааччыбыт Наталья Рязанская, чилиэннэринэн Амма улууһун үѳрэҕин управлениетын мэтэдьииһэ Анна  Макарова, нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Марианна  Егорова уонна бэтэрээн  учуутал  Варвара Кондакова үлэлээтилэр. Оҕолор хоһооннору бөлөҕүнэн даҕаны, биирдиилээн даҕаны аахтылар. Маны сэргэ Саргылана Гольдерова- Саргы Куо хоһооннорунан ырыа күрэҕэ ыытылынна. Нууччалыы хоһоону Кѳлбѳ Мэхээлэ уонна Саргы Куо саӊа кинигэтин тылбааһыттан аахтылар. Манна Болугуртан Маша Константинова , Андрей  Кузьмин,  Света Ларионова  бастыҥнарынан  ааттаннылар. Кыраларга  5-8 кылаастарга Амелия Николаева, Инесса Петрова,  Сахаайа  Нестерева   үчүгэйдэр.  Бөлөҕүнэн ааҕыыга Абаҕа кыргыттара бастаатылар.  Амма–Наахара кыргыттара — иккис, сатаҕайдар  үһүс миэстэ буоллулар. Онтон күрэх  дипломаннарынан  болугурдар ааттаннылар.   Сахалыы хоһооҥҥо Алексей Гаврильев ( Амма 2№-дээх оскуолата) уонна Дьулус Кожуров, Максимова Валерия (Болугур)  бастыҥнар.  Дипломан аатын Саша  Михайлова, Снежана  Елегяева,  Федора Егорова  (Болугур) ыллылар. Кыраларга Петров Владислав, Степанова Күндүүнэ (Амма-Наахара) уонна Егорова Лия ааттаннылар. Дипломаннар – Чэмэлиинэ Петрова,  Нарыйа Петрова,  Вася Марков  (Болугур).  Бөлөҕүнэн ааҕыыга – Болугурдар лауреаттар. Дипломаннарынан  Болугур орто оскуолатын уонна Амматааҕы лицей хоһоон ааҕааччылара  буоллулар.

Саргы Куо хоһооннорунан ырыа күрэҕэр кыттааччы аҕыйах. Ол да буоллар инникитин элбиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Күрэххэ кыайыылаахтарынан  Болугур орто оскуолатын  8-с  кылааһын  кыргыттарын ансаамбыла таҕыста. Аны тылбаас күрэҕэр Саргы Куо «Итэҕэйэбин тылга», Баһылай Куолдьарап «Умнуллубат онус кылаас», Кѳлбѳ Мэхээлэ «…Родился я…»  хоһооннорун тылбаастааһыҥҥа  элбэх үлэ киирбит. Английскай тылга бастыӊ тылбаастааҕынан Валерия  Максимова  (Болугур 9-с кылаас)  ааттанна.  Сатаҕайтан Надя Никитина,  Аня Окорокова  тылбаастара  эмиэ бастыҥнарынан ааттаннылар. Нууччалыыттан сахалыы тылбааска  Дьулус Кожуров  (Болугур, 11-с  кылаас) бастаата. Иккис миэстэ Наина  Зыкова  (Амма Наахара,  8-с  кылаас) уонна үһүс миэстэ Сайаана  Матвеева (Болугур, 8-с  кылаас) буоллулар. Сахалыыттан нууччалыы тылбааска 7 оҕо кыттыбыт. Манна бастыҥнарынан Диана Артемьева (Сатаҕай,  8-с кылаас),  Айураана  Шестакова  (Болугур,  7 «б»  кылаас),  Далаана Яковлева  (Амма Наахара 8-с  кылаас) буоллулар.

Онтон  8-11 кылаас уолаттарыгар  Баһылай Гольдеров  таптыыр дьарыгын санатар «Мин булчуппун, мин кусчуппун» диэн спортивнай күрэх  сынньалаӊ пааркатыгар буолла.

Уолаттар, эрдэттэн билэр дьон быһыытынан, Байанайга алгыс этэн, балаакка туруоран, эрэһиинэ тыыны үрдэрэн, саа ыһан-хомуйан, сыал ытан, кус арааһын билэн, саҥатын истэн таайан күрэхтэстилэр. Дьэ, манна буолла уол оҕо уйана-хатана биллэр, сытыыта-хотуута, сыыдама-сылбырҕата, тыаҕа сылдьарга бэлэмнээҕин, сатабыллааҕын көрдөрөр түгэнэ. Бу күрэххэ Абаҕа уолаттара иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга  солбуйааччы Нюргуяна  Илларионова, Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров,  меценат, «Сельхозтехника» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Ньургун  Гольдеров ыллылар,   эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Ньургун Васильевич  бастыҥтан бастыҥ оҕолорго бэйэтин бэлэхтэрин туттарда. Ньургуйаана Ивановна бэйэтин этиитигэр «Саргы Куо норуот суруйааччыта буолар кэмэ  кэллэ»  диэн бэрт сөп санааны тириэртэ. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт ыалдьыттарбыт «Болугур көмүс күһүнүн кэрэ да күнүгэр кыттыстыбыт» диэн сүрдээҕин астынан бардылар. Оҕолор «аны хаһан буоларый?» диэн ыйыталлара биһиги тэрээһиммит кэскиллээҕин, инникилээҕин этэр.

Татьяна ПЕТРОВА, бырайыак ааптара

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше