ХаҺаайыстыбалар хайдах оттоон иҺэллэр?

Чэппиэрдээҕи субуокканан сирдэттэххэ, улуус үрдүнэн тэрээҺиннээх хаҺаайыстыбалартан окко былааннарын түөрт хаҺаайыстыба толордо уонна аҺары түстүлэр.


Амма улууҺун тыатын хаҺаайыстыбатын управлениетын атырдьах ыйын бүтэҺик чэппиэригэр ылбыт субуоккатыгар түөрт хаҺаайыстыба тиэрдиллибит соругу толорбуттара бэлиэтэннэ. Ол курдук Амма нэҺилиэгиттэн «Давидофф» ХЭТ былааннаах 400 туонна оннугар 412 туоннаны бэлэмнээн былаанын 103 бырыҺыан, Абаҕаттан Строд аатынан ТПКХ 1935 туоннаны бэлэмнээн былаанын 125,2 бырыҺыан, «Соморсун» ТХПК 630 туоннаны оттоон былаанын 150 бырыҺыан уонна Чакыртан «Кэскил» ХЭТ 1000 туонналанан былаанын лоп курдук 100 бырыҺыан толордулар. Онтон «Бөтүҥ» ТХПК соругун ситэрэ олох кыра хаалла. Ол эбэтэр былаан 97 бырыҺыаҥҥа тэҥнэстэ, 1018 туонна оттонно. Саамай сэмэй көрдөрүүлээх Соморсунтан «Үрүйэ» ТХПК буолла. ХаҺаайыстыба сезоннааҕы соругун толоруута 34,3 бырыҺыан, 700 туонна оннугар 240 туонналаах. Маны сэргэ
Сатаҕайтан Лукин аатынан ТХПК былаанын аҥардатта. Ол курдук 808 туонна былаантан 445 туонна от бэлэмнэнэн сорук 55,1 бырыҺыан буолла.

«Амма олоҕо» хаҺыат

Читайте дальше