Буолан ааспыт СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар улуус балыыһаларыгар быраастар тиийбэттэрин туһунан элбэхтик ыйыттылар. Быраас тиийбэтэ аҥардас олорор усулуобуйа буолбакка, киһи бэйэтин идэтин таба тайаммытыттан, киниэхэ төһө бэриниилээҕиттэн эмиэ улахан тутулуктаах. Ол да иһин буолуо, бэриллэр эппиэттэргэ олохтоох каадыры тардыҥ, кинилэргэ дойдуларыгар бэриниилээх буолалларыгар өйү-санааны уһугуннарын диэн эмиэ эппиттэрэ. Маны кытта сөпсөһүөххэ сөп. Били этэллэрин курдук “Биһиги буолбатахпытына ким?”. Хаһан эрэ эмиэ оннук санаанан салайтаран, үөрэхпин бүтэрдэхпинэ дойдубар үлэлии барыам диэн санаалаах Амма улууһун кылаабынай бырааһа Михаил Архипов Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэнэ барбыта.
Михаил Архиповичтыын сэһэргэһиини сиһилии манна ааҕыҥ.
- Михаил Архипович, дьэ тоҕо хайаатар да эмчит буоларга сананнын?
—Киһи идэни таларыгар учуутал улахан оруоллааҕын бэйэбинэн бигэргэтэбин диэххэ наада. Ол курдук Амма №1-дээх орто оскуолатыгар 9-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына химия учуутала Алена Викторовна Яковлева миэхэ “олох быраас идэтигэр үөрэнэ барыахтааххын, быраас буолуохтааххын” диэн сорук туруорбута. Ити 9-с кылааска диэри химия предметин соччо-бачча интэриэһиргээбэт этим. Онтон Алена Викторовна үөрэтэн барбытыгар хайдах эрэ интэриэһим улааппыта. Астынан туран дьарыктанар этим. Ону өйдөөн көрбүтэ буолуо, миигин кытта ыкса үлэлэһэн, быраас буолуохтааххын диэн олох күннэтэ этэн, 1995 сыллаахха оскуолабын бүтэрэн баран ханна барарым чуолкай буолбута. Онно эбии дьонум эмиэ быраас буоларбар баҕаралларын этэллэр этэ. Дьэ онон ити курдук оччолорго Саха судаарыстыбаннай университетыгар туттарсан, дьаныһан туран киирэн, эмчит идэтин баһылаабытым сүүрбэттэн тахса сыл буолла.
- Үөрэххин бүтэрээт дойдугар үлэлии кэлэр бигэ санаалаах этиҥ дуо?
— Оннук буоллаҕа. Үөрэхпин бүтэрэн бэйэм дойдубар кэлиэм диэн эрдэттэн билэр этим. Онон 2002 сыллаахха СГУ медицинскэй институтун педиатрическай факультетын бүтэрэн, Аммаҕа педиатр бырааһынан ананан үлэбин саҕалаабытым уонна күн бүгүнүгэр диэри дойдубуттан ханна да барбакка үлэлии сылдьабын. 2007 сыллаахха оччолорго улуус кылаабынай бырааһа Николай Петрович Тихонов бэйэтин солбуйааччытынан анаан, аны салайар үлэҕэ буһан-хатан барбытым. Онтон 2019 сыллаахха улуус кылаабынай бырааһынан ананан, төрөөбүт, үөрэммит улууспар доруобуйа харыстабылын салаата сайдарыгар бары билиибин биэрэн күннэтэ кэллиэгэлэрбин кытта түбүгүрэбин.
- Ол кэмтэн чахчы да элбэх бириэмэ ааста. Онон билигин эһиги хайа баҕарар Амма улууһугар оччотооҕу кэми кытта билиҥҥи кэмҥэ диэри медицинэ сайдыытын этэр кыахтааххыт буоллаҕа дии…
— Сөпкө этэҕин. Мин бастаан үлэлии кэлэрбэр стационар дьиэтэ 60-с сылларга тутуллубут уһун субурҕа мас дьиэ этэ. Онтон 2006 сыллаахха саҥа таас сытар балыыһа тутуллан киирэн үөрүүбүт үлүскэн буолбута. 3№-дээх учаастакка педиатрдыы сырыттахпына кылаабынай быраас Евстафий Пантелеймонович Аргунов миигин эндоскопия аппарата кэлэринэн, онно үөрэттэрэ ыыппыта. Ол аппараппыт дьэ саҥа балыыһа аһылларыгар туруоруллан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турар. Манна даҕатан эттэххэ, бу иннинэ эндоскопист быраас диэн Аммаҕа суох этэ буоллаҕа. Бу быраас куолайы, оһоҕоһу, куртаҕы көрөр исписэлиис буолар. Онон улууска бастакы сертификаттаах эндоскопист быраас буоларбынан киэн туттабын. Аны сытар балыыһа тупсаҕай буолбутун кэнниттэн, дьон көрдөрүнэр поликлиниката саҥардыллар боппуруоһа турбута. Бастаан билигин баар поликлиникабыт уруккуга холоотоххо туох да наһаа үчүгэй этэ. Онтон кэнники эргэрэн, билигин күүтүүлээх поликлиникабыт кэлэр сылга киирэр былааннаах үлэтэ ыытылла турар.
- Ээ дьэ эрэ, кылгастык саҥа поликлиника тутуутун туһунан сырдатан ылбаккын ээ. Соторутааҕыта Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ наһаа да үчүгэй киһи ымсыыра көрөр балыыһата киирдэ дии. Онно бэл диэтэр Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин быһа сибээһинэн кыттыыны ылбыта, “Дорогие ытыкелевцы” диэбитэ эчи истэргэ минньигэс да этэ. Биһиэхэ хайдах буолуой?
— Кырдьык тыа сирин улуустарыгар кэнники тутуулар олус үчүгэйдэр. Дизайн да, дьон да сылдьарыгар бары өртүнэн табыгастаах буолан иһэллэр. Биһиги поликлиникабыт эмиэ син биир Тааттаҕа курдук Дойду Бэрэстидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа” национальнай бырайыак көмөтүнэн тутуллар. Үс этээстээх буолар. Туох баар оборудованиенан барытынан эмиэ хааччыллыахтаах. Күн бүгүн манна билигин тутуллуохтаах сиригэр үлэлэр саҕаланнылар. Тутууну “Основа” ХЭТ ыытар. Барыта үчүгэйдик бардаҕына быйыл көҥдөйө бүтэн, кэлэр сылга ис өттүгэр үлэ баран, 2025 сыл бүтүүтэ киириэхтээх диэн. Поликлиникаҕа исписэлиистэр анал кабинеттара, лаборатория, кииннэммит стерильнай отделение, диагностическай отделение барыта киириэҕэ. Уопсай иэнэ 3000 кв. м. Онон бэйэбит Ил Дархаммытыгар Айсен Сергеевичка, национальнай бырайыактары көҕүлээбит Владимир Владимирович Путиҥҥа Амма дьоно улахан махталлаахпыт. Маннык сүүнэ бырайыактар баар буоланнар биһиги инникигэ эрэллээхпит уонна биллэн туран нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмөнү оҥоруу хаачыстыбата тупсуо диэн эрэнэбит.
- Национальнай бырайыактары таарыйбычча бу бырайыак биһиги улууспут доруобуйатын харыстабылын эйгэтигэр киллэрбит көмөтүн чопчулуон дуо?
— Билэргит курдук 2007 сылтан Арассыыйа бары регионнарыгар национальнай бырайыактар, ол иһигэр “Доруобуйа” национальнай бырайыак киирбитэ. Ол кэмтэн ыла сыыйа авторпаркабыт саҥардыллан барбыта. Бырайыак чэрчитинэн аан бастаан “Газель” массыыналар кэлбиттэрэ. Анализтары оҥорор лабораториябытыгар бырайыак логотиптаах араас оборудованиелар кэлэн ыарыыны диагностыырга күүс-көмө буолбуттара. 2011 сыллаахха “Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Модернизация здравоохранения” диэн бырагыраама киирбитэ. Бу бырагыраама көмөтүнэн хас да нэһилиэктэрбитигэр саҥардыы, уларытыы үлэлэрэ барбыттара. Онтон эмиэ Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн 2011 сыллаахха “Земский доктор” диэн бырагыраама киирэн, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлиир дьоҥҥо улахан өйөбүл буолбута. Дьэ бу кэмҥэ куораттартан улууска быраастар кэлэн саҕалаан бараллар. Ол кэмҥэ быраас куораттан тыа сиригэр үлэлии таҕыстаҕына, көмө быһыытынан 1 мөл. солк ылар этэ. Маны сэргэ эмп эйгэтин үлэһиттэригэр хамнас төлөбүрүн кээмэйин 2017 сылга диэри үрдэтэргэ диэн Владимир Путин сорук туруорбута. Ол кэмтэн ыла хамнас сыыйа үрдээн, билигин кинилэр бэйэлэрин үлэлэригэр эппиэттиир хамнастаахтар дии саныыбын. Ол сөп буоллаҕа. 2019 сыллаахха улууска КТ аппарат кэлбитэ. Бу кэлиитигэр кылаабынай бырааһынан үлэлээбит Софья Лаврентьевна Александрова элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ. Аппарат кэлэн турбутугар “маннык сүүнэ аппарат улууска кэлэн турар эбит дуу ” диэн бары олус соһуйан, үөрэн хаалбыппыт. Аппараппыт коронавируснай инфекция бүрүүкээн турар кэмигэр олус улаханнык көмөлөстө. Маны сэргэ вирустары билэргэ баклабораторияҕа анализатордары ылан биэрбиппит. 2019 сыллаахха “Первичная модернизация здравоохранения” бырагыраама киирэн үлэлээн барбыта. Ол көмөтүнэн ФАП-тарга, врачебнай амбулаторияларга хаачыстыбалаах, үлэлэр барбыттара. Быһатын бу биэс сыл иһигэр олус элбэх үлэ барда. Абаҕаҕа, Сулҕаччыга врачебнай амбулатория, Покровкаҕа, Мээндигигэ ФАП-тар тутуллубуттара, элбэх араас техника сыллата кэлбитэ. Аны быйыл 2024 сылтан туруорсан туруорсаммыт Бөтүҥ нэһилиэгэр врачебнай амбулатория тутуллан үлэҕэ киириэхтээх уонна бу ыам ыйыгар тутуллан бүтүөхтээх. Бу бырайыак баар буолан этэн аһарбытым курдук массыыналарбыт барыта кэриэтэ саҥардыллыннылар.
Ол иннинэ олох бэрт нэһиилэ сүүрэ сылдьыбыттара. Аан бастаан 2020 сыллаахха Алтаҥҥа уонна Соморсуҥҥа саҥа массыына ылбыппыт. 2021 сыллаахха Сулҕаччыга, 2022 сылга Абаҕаҕа уонна Аммаҕа оҕо консультациятыгар ылбыппыт. 2023 сыллаахха Болугурга, Аммаҕа үрдүкү кылаастаах реамобиль массыыналар кэлбиттэрэ. Биир саамай улахан ситиһиибитинэн ПАЗ автобус базатыгар “Флюммам” диэн автобус ананан олус үчүгэйдик үлэлии сылдьара буолар. Бу автобуска флюрография, маммография оҥороллор. Нэһилиэктэргэ графигынан сылдьан, нэһилиэнньэ олус биһирээтэ.
- Михаил Архипович, санааҕын үллэстибиккэр махтанабыт. Дьоммут-сэргэбит чөл туруктаах, чэгиэн буоларын туһугар күннэтэ туруктаһар үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын.
Кэпсэттэ Наталья БУБЯКИНА