Амма нэһилиэгин дьаһалтатын аактабай саалатыгар “Муона” түөлбэҕэ ититии ситимин киллэриигэ сүбэ мунньах буолла. Олохтоохтор өр туруорсар кыһалҕалара быһаарыллар биэтэгэ чугаһаабытыттан сүргэлэрэ көтөҕүллэр, бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрин этэллэр.
Сүбэ мунньаҕы Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев салайан ыытта. Кини бэйэтэ эмиэ бу түөлбэ олохтооҕо буолан, кэпсэтиини “дьэ биһиги да уулуссабытыгар күн тахсыах курдук буолла доҕоттоор” диэн саҕалаан, мунньах бэрт сэргэхтик саҕаланна. Оннук да буолар буоллаҕа. Киин ититэр ситимҥэ холбонуу – бу түөлбэ олохтоохторун ыра санаалара буолбута ыраатта. Онон бу тэриллибит мунньахха олохтоохтор кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар. Амма улууһун ОДЬКХ филиалыттан кылаабынай инженер Николай Григорьев кэлэн ититии ситимин трассата хайдах барыан сөбүн, хас вариан баарын быһааран кэпсээтэ. Олохтоохтор манна ыйыталаһан, аадырыстарын чуолкайдаһан оҥоһуллубут схеманы ырыттылар. Бу кэнниттэн сөптөөх биир быһаарыы ылыллан, нэһилиэк дьаһалтатын өртүттэн баар схемаҕа сөбүлэһии баран, тардыллар магистральнай турба сыанатын суоттааһын барыахтаах. Оччотугар олохтоохтор төһөлүү харчыны хомуйаллара быһаарыллан, кэлэр сылга “Стадион” хочуолунайтан ититии кэлиэхтээх.
“Оһох оттон эрэйи көрдүбүт. Үгүс ыаллар мас кыайан булбат, оһох оттор кыахтара суох дьиэ наймылаһан кыстыы көһөллөр. Онон дьэ улахан баҕа санаабыт туолара чугаһаабытын истэн үөрэбит уонна бииргэ үлэлииргэ бэлэммит. Билигин мас булар да олус уустук буолла. Онон хайаатар да ититэр ситим киириэн наада”, — диэн мунньах кыттыылаахтара санааларын этэллэр.
Мунньах түмүгүнэн харчы хомуйуутугар эппиэтинэстээхтэр хас биирдии уулуссанан ананнылар. Ити курдук муоналар кэлэр сылга дьиэлэригэр киин ититэр ситим киирэригэр, аны сайын коммунальнай хаһаайыстыба өртүттэн күүстээх үлэ барарыгар, кэлэр кыһыны оһох оттубакка, сылаастык көрсөргө эрэллээх тарҕастылар.
“Амма олоҕо” хаһыат