От былаанын толоруу 45,4 бырыҺыаҥҥа тэҥнэстэ

Амма улууҺун тыа хаҺаайыстыбатын управлениетын атырдьах ыйын 7 күнүн туругунан от былаана 45,4 бырыҺыаҥҥа тэҥнэстэ.


Бүгүҥҥү күҥҥэ улуус үрдүнэн 13917,1 тонна от бэлэмнэннэ, 14015,5 га сир охсуллунна. Ол иҺигэр тэрээҺиннээх хаҺаайыстыбалар 2892 тонна (37,4%) , бааҺынай хаҺаайыстыбалар 3460,6 тонна (43,5%) уонна кэтэх хаҺаайыстыбалаахтар 6139 тонна (52,8%) оттоох сезоннааҕы соруктарын толорон иҺэллэр. Быстах түҺэр ардахтар оттооҺун хаамытын атахтыыллар эрээри, хас биирдии отчут ходуҺаттан күннээҕи соругун толорон тахсарга дьулуҺар.

«Амма олоҕо» хаҺыат

Читайте дальше