Олоҥхо ыһыаҕар тыһыынчанан ыалдьыт кэлэрэ күүтүллэр. Маныаха бэрээдэк, дьон-сэргэ олоҕор куттал суоһаабатын туһугар эмиэ туспа хамыыһыйа тэриллэн үлэни ыытар. Улуус баһылыга Степан Кузьмин СӨ ИДЬМ Штаб кылаабынай инспектора Казбек Калаевы кытта көрүстэ.
“Ханнык баҕарар улахан тэрээһиннэргэ бэрээдэк баар буолара ирдэнэр. Наһаа үчүгэйдик бырааһынньык ыытан баран, бэрээдэк кэһиитэ таҕыстаҕына, ол барыта сотуллан хаалыан сөп. Онон бу боппуруоска тэрийэр хамыыһыйа өртүттэн улахан болҕомтобутун уурабыт. Кэлбит ыалдьыттар, олохтоохтор да үөрэ-көтө ыһыахтаан баралларын хааччыйыахтаахпыт. Онон бу боппуруоһунан Аммаҕа кэлэ сылдьар Штаб кылаабынай инспектора Казбек Калаевы кытта көрсөн Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр бэрээдэги көрүү туһунан кэпсэттибит. Көрсүһүүгэ кыттыыны Амма улууһун ис дьыала отделын начальнига Василий Васильевич Стрекаловскай ылла. Кэпсэтиигэ сүрүн болҕомто биллэн туран, террор тахсыбатын туһугар үлэҕэ, суолунан куттала суох сылдьыыны хааччыйыыга, ону кытта уопсастыбаннай бэрээдэги көрүүгэ олохтоох быраабы көмүскүүр уорганнары кытта үлэҕэ уурулунна. Казбек Анатольевич ыһыах кэмигэр ис дьыала министиэристибэтин өртүттэн көмө баар буолуо, эбии сотрудниктар барыахтара диэн эттэ. Онон бары кыһаллан туран ыһыахпыт этэҥҥэ ааһарыгар, бэрээдэги кэһии тахсыбатын туһугар үлэлиэхпит. Манан сиэттэрэн ыһыах ыһыллар кэмигэр Амма улууһугар итирдэр утахтар атыыланаллара бобулунна. Бу боппуруоһу атыылааччылары кытта көрсөн дьүүллэстибит. Онон бэс ыйын 19-21 күннэригэр итирдэр утахтар атыыламматтар”, — диэн этэр баһылык Степан Кузьмин.
“Амма олоҕо” хаһыат
Хаартыска: Амма улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата