Сахабыт сирин биир саамай кэрэ миэстэтигэр, Өлүөнэ очуостарыгар Ленскэйдээҕи холбоһуктаах өрүс пордун “Ленатурфлот” хампаанньатын нөҥүө хайа баҕарар баран кэлиэххэ сөп. Өлүөнэ өрүс устун очуостарга диэри айан олох сынньалаҥ уонна интэриэһинэй буолар. Айаннаабыт эрэ киһи барыта бэркэ астынан, дуоһуйан кэлэр.
Өрүс устун туризм бэйэтэ туспа уратылардаах. Маннык кыаҕы хайа баҕарар айанныан баҕалаах киһиэхэ Ленскэйдээҕи холбоһуктаах өрүс пордун “Ленатурфлот” хампаанньата оҥорор буолбута ааспыт сылга оруобуна 20 сылын туолбута. Ол курдук бу хампаанньа көмөтүнэн икки бэртээхэй диэн киһи айанныырыгар бары усулуобуйалаах “Михаил Светлов” уонна “Демьян Бедный” диэн теплоходтарга олорон Булун улууһугар тиийэ айаннаан тиийиэххэ сөп. Тепоходтар иккиэн 210 миэстэлээхтэр. Хас биирдии каюта иһигэр туалеттаах, душтаах. Илии соттор, улахан соттор эмиэ бэриллэр. Айан уһуна 37 чаас. Бу үлэ күнүгэр. Ол эбэтэр теплоходка икки хоноҕун. Дьокуускайтан киэһэ 8 чааска айанныыгын. Нөҥүө күнүгэр күнүс 11 чааска Өлүөнэ очуостарыгар тиийэн баран, киэһэ 8 чааска төннөҕүн. Сарсыарда 8 чаас диэки Дьокуускайы булаҕын.
Бу кэм устатыгар эн толору хааччыллыылаах каютаҕа олорон, күн талбыта астаах рестораҥҥа сөбүлүү көрбүт аскын аһыы-аһыы, араас аралдьытар бырагыраамаларга сылдьан, кинигэ да ааҕан, остуол оонньууларыгар оонньоон, киинэ да көрөн, үҥкүүлээн бириэмэҕин атаараҕын. Айаннаан иһэн Сахабыт сирин хатыламмат кэрэ айылҕатын көрөн, өрүс ыраас салгынынан дуоһуйа тыынаҕын. Манна дьон үксэ дьиэ кэргэнинэн сылдьаллар эбит. Оҕолорго анаммыт бырагыраамалар элбэхтэр. Кинилэргэ билиэт 50 бырыһыан чэпчэтиилээх. Онтон 7-лэригэр диэри саастаах оҕолор буор босхо айанныыллар.
Өлүөнэ очуостарыгар тиийэн баран, алгыс ыларын, оһуохайдыырын уонна 3 км сири өрө дабайан, халлааҥҥа харбаспыт туруук хайалары үөһэттэн көрөрүн – туспа абылаҥ. Дьон манна бастакы эрэ сырыыларын буолбакка, хаһыстарын да кэлэллэр, очуостар хатыламмат кэрэлэрин көрөн күүстэригэр күүс ылаллар.
“Биһиги бу Өлүөнэ очуостарыгар алгыстана, күүс-уох ыла кэлэбит. Бу биһиги Сахабыт сирин сибэтиэй миэстэтэ буолар. Урут биллэн туран хаста да сылдьан турабын. Тыйаатырбытын кытта манна күүлэйдээн, сынньанан барбыппыт. Бу кэнники кэргэммин кытта Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕынан моторканан 4-5 чаас устата айаннаан кэлэ сылдьыбыппыт. Ол бэйэтэ туспа уратылаах. Кыратык биэрэккэ, арыыга тохтоон ааһабыт. Оннук тур эмиэ баар. Өрүс устун моторканан устар эмиэ олус кэрэ. Бу быйыл Москваттан дьүөгэбин, Петр Ильич Чайковскай аатынан консерватория профессорын Елена Павловна Савельеваны уонна кини кыыһын Елизавета Орлованы, эмиэ консерватория омук тылыгар преподавателин, илдьэ кэллибит. Мин бардахпына киниэхэ Сахам сирин туһунан кэпсиибин бөҕө буоллаҕа. Ону кини наһаа интэриэһиргээн, олох кэлэн көрүөх буолар этэ. Дьэ ол баҕатын толорон, быйыл олох хайаан да тиийэбин диэн кэлбитин, бу биллэн туран Өлүөнэ очуостарын көрдөрө аҕаллахпыт дии. Үөһэ тахса сырытта. Бары кирилиэһинэн дабайан тиийдибит. Онно кинилэргэ илин кэбиһэр, илиилэригэр бөҕөх кэтэрдэн баран хаартыскаҕа түстүлэр.
Наһаа астыннылар. Кыымаайы элбэҕиттэн саллара буолуо диэбиппит, хата олох кыһамматылар. Очуостары көрөн олус сөхтүлэр. Алгыһы наһаа сөбүлээтилэр. Ис хоһоонун барытын быһааран биэрдибит. Ис дууһаларыттан ылыннылар. Оһуохайга олох астына үҥкүүлээтилэр. Бу айантан бэркэ дуоһуйууну ыллылар. Үөһээ тахсааппытын кытта ардах ибиирбитэ. Ону олох ыраастаныы курдук ылыннылар. Айылҕабыт кэрэтин олус сөхтүлэр. Уопсайынан “Ленатурфлот” бу айаныгар билиэт эрдэ бүтэр ээ. Дьон сүрдээҕин сылдьар. Оҕолорун илдьэ кэлэллэрэ хайҕаллаах. Кинилэр кыра эрдэхтэриттэн маннык Сахаларын сирин кэрэ миэстэтин билэ улааталлар буоллаҕа. Онон хайдах да күн-дьыл турдун, маннык толору хааччыллыылаах, ыраас, сылаас теплоходунан хайа баҕарар айанныахха сөп”, — диэн РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыската, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын солистката Анна Дьячковская санаатын үллэһиннэ.
Анна Васильевна кылгас санаатын да үллэстиин ааҕаҥҥыт, бириэмэлээх буоллаххытына, бу өрүһүнэн айаҥҥа турунуоххутун сөп. “Ленатурфлот” хампаанньа менеджерэ Кристина бэлиэтээбитинэн, маннык турдар балаҕан ыйын бүтүөр диэри буолаллар. Сыаналара үлэ уонна өрөбүл күннэринэн көрөн араастаах. Б сырыыгыт туһунан өйдүү-саныы сылдьаргытыгар курдук хаартыскаҕа түһэрэр өҥө баар, онтон биэрэккэ сувенирдары атыылыыр лааппылаахтар.
Бу туһунан сиһилии “Амма олоҕо” хаһыакка сырдатыахпыт.
“Амма олоҕо” хаһыат