Чапчылҕан нэһилиэгэр «Көмүс саас» диэн Аҕам саастаахтарга анаммыт үөрүүлээх дьоро киэһэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Тэрээһини нэһилиэк култууратын үлэһиттэрэ уонна олохтоох библиотекарь Евгения Константинова иилээн-саҕалаан ыыттылар, көхтөөх оонньууну тэрийдилэр.
Бу күн Дария Лукина салайааччылаах Чакыр нэһилиэгин аҕам саастаахтарын «Күбэйэ» үҥкүү бөлөҕө күндү ыалдьыт буоланнар, эҕэрдэ үҥкүү, ырыа бэлэхтээн кэлбит дьону сэргэхситтилэр.
Чапчылҕан нэһилиэгин баһылыга Дьулустан Авксентьевич Юшков эҕэрдэ тылын тиэртэ, өр сыл бииргэ олорбут дьиэ кэргэттэргэ түөскэ анньыллар бэлиэлэри, нэһилиэк олоҕор көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар махтал суруктары туттарда. Аҕам саастаах дьоммут итии чэй иһэ — иһэ араас күрэхтэргэ кытыннылар, ырыа ыллаатылар, үҥкүүлээтилэр.
Оттон кэрэ көстүүлээх «Күһүҥҥү сэлээппэ» күрэҕэр Чапчылҕан нэһилиэгин уран тарбахтааҕа, иистэнньэҥ Изабелла Николаевна Егорова кыайыы үрдүк аатын ылан үөрүүтэ үгүс.
Аҕам саастаах кырдьаҕастарбытыгар тапталбыт, убаастабылбыт, махталбыт муҥура суох. Кырдьар диэҥҥэ кыһаллыбакка, ыарыы диэни ылыммакка, чиргил чэгиэн доруобуйаланыҥ, уу чуумпу олохтонуҥ, дьоллоох суолланыҥ!
Алена Ноговицына, Чапчылҕаннааҕы култуура киинин уус-уран салайааччыта.