Чакырдар окко былааннарын 42,5 бырыһыан толорон иһэллэр

Чакыр нэһилиэгэр баар “Кэскил” хаһаайыстыба быйылгы оттооһуҥҥа саамай бастыҥнара. Хаһаайыстыба отчуттара атырдьах ыйын 3 күнүн туругунан 500-тэн тахса тонна оттоннулар.


“Кэскил” хаһаайыстыба быйыл саҥа техникаланан окко үчүгэйдик киирдэ уонна үлэһиттэр да санаалара кэлэн оттуу сылдьаллар эбит. Икки МТЗ -82 тыраахтыр тэҥинэн 300 киилэлээх рулоннары куурусса сымыыттыырын курдук төкүнүтэллэр. Үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Төһө да киэһэрдэр отчуттар бүтэһик субууларын бүтэрэн баран ходуһаттан тахсаллар. Өссө чугастааҕы кэтэх хаһаайыстыбаҕа эмиэ рулоннаан биэрэллэр эбит.


“Быйыл окко эрдэ киирбиппит диэххэ сөп. Ол курдук от ыйын 1 күнүттэн саҕалаабыппыт. Аҕыйах күн ардаатар да, кэнники үчүгэй күннэр тураннар, былааммытын ортолоттубут. Билигин биригээдэҕэ тохсуобут. Биир повардаахпыт. Былааммытын 1000 тоннаны толоруохпут диэн эрэллээхпит. Эбии 300 тонна сиилэс угабыт. 200-чэкэ тонна сенаж бэлэмниэхтээхпит. Эбиэспит добун эрэ сирдэрбит арыый мөлтөхтөр. Онтон уу ылбыт сирдэрэ олох үчүгэйдэр. Саҥа сиргэ эмиэ ыспыппыт эмиэ үүнүүтэ бэртээхэй. Быйыл саҥа техникалар кэллилэр. МТЗ -82 тыраахтыр, 1 рулоннуур, биир охсор кэллилэр. Былырыын эмиэ кэлбитэ. Онон үөрэ-көтө үлэлиибит”, — диэн хонуу биригэдьиирэ Семен Григорьев астына, санаата кэлэн туран кэпсиир.

Дьэ кырдьык, бэйэбит Арассыыйабытыгар оҥоһуллубут оттуур техникалар, тыраахтырдар тигинэччи үлэлии сылдьалларын көрөн киһи эрэ үөрэр. Хаһаайыстыба таһаарыылаахтык үлэлии сылдьарын көрөн баһылык Степан Кузьмин, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов бу тэтимнэрин ыһыктыбакка үлэлииллэригэр баҕардылар.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше