Амма улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Михаил Архипов улуус дьаһалтатын планеркатыгар иһитиннэрбитинэн, “Доруобуйа” национальнай бырайыагынан кэлбит флюмамм массыына бэйэтин көдьүүһүн көрдөрдө. Ол эбэтэр балаҕан ыйын туругунан флюрографияны ааһыы былаана 50 бырыһыантан таҕыста.
“Флюмамм массыынабытын график оҥорон нэһилиэктэринэн сырытыннардыбыт. Ол курдук алтынньы 9 күнүн туругунан уопсайа 6 нэһилиэк хабылынна. Суол –иис арыый мөлтөх буолан сорох нэһилиэктэргэ айанныы иликпит. Ол гынан баран былаан быһыытынан суол турдаҕына, хаалбыт 8 нэһилиэги барытын хабыахпыт. Бу сылдьыбыт нэһилиэктэрбитигэр олохтоох дьаһалталар күүскэ үлэлэһэн дьон көрдөрүүтэ үчүгэй. Холобура ФЛГ түһүү былаана сайын 37 бырыһыан эрэ эбит буоллаҕына, бу флюмамм үлэлээн, былааммытын 50-тан тахса бырыһыан толордубут. Комплекс тиийбит нэһилиэктэригэр дьон хото көрдөрөр. Ону кытта саамай кылаабынай хас эмэ сыл устата ФЛГ барбакка сылдьыбыт сытар да, кыайан улуус киинигэр киирбэт да дьон көрдөрдүлэр. Болугур нэһилиэгэр биир күн устата 167 киһи ФЛГ-ны ааста. Манна олохтоох дьаһалта кыайан кэлбэт дьонноругар анаан массыына туруоран таста. Ол курдук Амма Наахараҕа, Абаҕаҕа, Чапчылҕаҥҥа салалта күүс-көмө буолбутун бэлиэтиибин уонна махталбытын тириэрдэбит. Бу күннэргэ флюмамм Амма нэһилиэгин оскуолаларынан сылдьыа. Ол курдук бүгүн лицейгэ, сарсын Амма 1№-дээх оскуолатыгар туруоҕа”, — диэн Михаил Архипович сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат