Григорий Попов – бастыҥ уһуйааччы-педагог!

Оҕону иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ отуттан тахса сыл сүүһүн көлөһүнүн тоҥолоҕор аҕаан сыратын-сылбатын биэрбит, билигин даҕаны үлэлээн үлүмнэтэ сылдьар Григорий  Попов Ил Дархан Айсен Николаев илиититтэн сэртипикээт тутта. Бэҕэһээ Бырабыыталыстыба дьиэтигэр Саха сирин отут алта улууһун бастыҥ педагогтарын чиэстиир, наҕараада туттарар тэрээһинэ буолла.


Уһулуччу үчүгэй үлэлээх уһуйааччы-педагогу интернет нөҥүө куоластаан таллыллар. Амматтан Эдэр туристар ыстаансыйаларын Эбии үөрэхтээһинин педагога Григорий Поповка баһыйар элбэх куолас киирбитэ — дьон-сэргэ киниэхэ итэҕэлин, педагог быһыытынан үлэтэ-хамнаһа улаханнык биһирэнэрин кэрэһэлиир. Григорий Дмитриевич олоҕун үөрэх эйгэтигэр 1986 сыллаахтан анаабыта. Оччолорго өрө тэйэ сылдьар эдэркээн уол оҕо одьунааһа Үөһээ Дьааҥыга учууталынан үс сыл үлэлээн баран, Аммаҕа кэлэн силис тардан харса суох үлэлээн хачыгырыйан барар. В.Г. Короленко аатынан Амма бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар лоп курдук уон сыл үлэлиир. Салгыы айымньылаах үлэ аартыгын арыйар санаа үүйэ-хаайа тутан сүгүн олордубат. Сүрэҕин баҕатын ханнаран 1999 сыллаахха тус бэйэтэ сүүрэн-көтөн, туруорсан Эдэр туристар ыстаансыйаларын тэрийэр. Дьэ, ол кэннэ туос бөтөрөҥүнэн түспүт аллаах ат сырыытыныы үлэтэ-хамнаһа ситиһии сэтиилээх, кыайыы көтөллөөх табыллан иһэр. Бүгүн Григорий Дмитриевич  санныгар отуттан тахса сыллаах үлэ уопутун сүгэ сылдьар бастыҥ педагог.
Дьиҥ чахчы, үлэнэн-хамнаһынан суол солонон бастыҥ педагог аатын сүкпүт дьон ортотугар Григорий Попов турбута улаханнык үөрдэр, киэн туттар санааны саҕар. Григорий Дмитриевиһы ситиһиигинэн төлөннөөх эҕэрдэбитин биллэрэбит, салгыы айымньылаах үлэҥ айана харгыһа суох өрөгөй үктэллээх, хайҕал аргыстаах баран истин.

Олег ЕГОРОВ

Читайте дальше