Аммаҕа ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар кыралыын-улаханныын бары долгуйан туран бэлэмнэнэллэр. Хас биирдии киһи тус кылаатын киллэрэргэ дьулуһар. В.Г. Короленко аатын Амма 1№ -дээх орто оскуолатын 4 “а кылааhын үөрэнээччитэ, эдэр натуралистар станцияларын иитиллээччитэ Айыына Дьяконова ыһыаҕы көрсө «Алгыстаах ас» диэн сахалыы ас наборун бэлэмнээн атыыга таһаарда.
“Алгыстаах ас” — бу Айыына Дьяконова чинчийэр үлэтин биисинэс – бырайыага буолар. Ол курдук өссө саас, эдэр чинчийээччи Дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка ыытыллыбыт «Лестница наук» диэн научнай -практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттан лауреат үрдүк аатын ылан кэлбитэ. Айыына чинчийэр үлэтин тезиһэ бастыҥ үлэлэлэр түмүктэринэн «Сборник научных трудов» хомуурунньукка бэчээттэммитэ.
“Мин өссө уһуйааҥҥа сылдьар кэммэр чинчийэр үлэбин саҕалаабытым. Киэһэтин суорат сиирбин сөбүлүүр этим. Ол иһин «Кефир» диэн тиэмэҕэ дакылаат оҥорон аахпытым. Кефиртан ханнык ас оҥороллорун үөрэппитим. Быырпах кефиртан оҥоһулларын билбитим. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ быырпаҕы сайын сөбүлээн оҥостобут. Чинчийэр үлэм темата «Кисломолочный напиток быырпах» диэн. Бу үлэбин салгыы сайыннаран аны биисинэс- бырайыак толкуйдаабыппыт. Төрүт ас атыыга төһө хамаҕатык атыыланарын көрүөхпүт. Онон дойдубутугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан “Алгыстаах ас” диэн ааттаан набор оҥордум. Онно саха лэппиэскэтэ, 4 сахалыы баахыла уонна быырпах киирэллэр”, — диэн Айыына сэһэргээтэ.
Кырачаан чинчийээччи алгыстаах аһа баара суоҕа 300 солк, онно дьиэҕэр аҕалтарар буоллаххына, 350 солк. Онон ылан амсайыҥ, алгыстаах саахалыы аспытын атыылаһыҥ. Онтон Айыынаҕа чинчийэр үлэтигэр ситиһиини, саҥа арыйыылары баҕарыаҕыҥ.
“Амма олоҕо” хаһыат