От былаана 69, 27 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ

Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын субуоккатынан бу нэдиэлэ саҥатыгар улуус окко былаанын 69,27 бырыһыаҥҥа тириэртэ.


Бу күннэргэ кураан күннэр тураннар, айылҕабыт барахсан оттоон хаалын диэбиттии сарсыарда туманынан, күнүс күн уотунан күндүлээн бэртээхэй күннэри бэлэхтиир. Отчуттар бу күннэри тутуһан хаалан, ходуһаттан тахсыбаттар. Ол курдук улуус үрдүнэн 21474 туонна от оттонон, сыллааҕы бэриллибит былаан 69,27 бырыһыан буолла. Ити эрээри бааһынайдар уонна кэтэх сүөһүлээхтэр үгүөрүтүк оттоон иһэр буоллахтарына, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга былаан туолуута уустук. Атырдьах ыйын 24 күнүгэр ылыллыбыт субуокканан көрдөххө, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар былааннара 39,5 бырыһыан туолан турар. Онтон ааспыт сылга бу кэмҥэ былаан 42,6 бырыһыан буолбут эбит. Бэлэмнэниллибит от сыыппаратын көрөр буоллахха, 3062 туонна бэлэмнэниллибит, онтон былырыын 7186 туонна. Хаһаайыстыбаларга ордук үчүгэй көрдөрүүнү “Давидофф” ХЭТ (90,3 бырыһыан), “Соморсун” ТХПК (60,0 бырыһыан) ситиһэн иһэллэр. Онтон атын хаһаайыстыбалар былааннарын аҥарыгар тиийэ иликтэр. Бааһынай хаһаайыстыбалар көрдөрүүлэрэ үчүгэй. Улуус үрдүнэн 8691 туоннаны бэлэмнээн былааннарын 73,6 бырыһыаҥҥа тириэртилэр. Онтон кэтэх хаһаайыстыбалар сыллааҕы отторун 85 бырыһыанын оттоотулар. Онон бу хаалбыт кылгас кэмҥэ тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар тэтимнэрин өссө эбэн, сезоннааҕы былааннарын ситиһэллэригэр сорук турар. Күн бүгүн сэлээркэҕэ хааччах суох. Кылаабынайа күн-дьыл туран биэриэн наада.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше