Амма улууһун уопсастыбаннай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, киинэ эйгэтигэр чугас Степан Бурнашев бу күннэргэ Москва куоракка Арассыыйа таһымнаах сериалга уһулла сылдьар. Ханнык-туох сериалый, онно кини хайдах киирдэ? Бу туһунан биһиги Степан Семеновыһы кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.
“Миэхэ уолум Степан эрийэн, билсиһэр режиссера саҥа сериал устан эрэрин, кастинг оҥоро сылдьарын, онно кыттыбаккын дуо диэн эрийэн эппитэ. Мин “ээ боруобаланыахха” диэн этиллибит сорудаҕынан кылгас видеолары оҥорон туһааннаах аадырыска ыытан кэбиспитим. Онтон кэтэһэн көрбүтүм да туох да биллибэтэҕэ. Онтон “ээ чэ ылбатылар быһыылаах” дии сырыттахпына арай уолум эрийэн, “эйигин талбыттар, билиэккин ылаллар, паспоргын ыыта оҕус” диэн эттэ. Дьэ түптэ түрүлүөн түһэн Москваҕа кэлэн, олохтообут гостиницаларыгар түстүм. Дьэ сериалга уһуллуу сылаалаах бөҕө эбит. Киһи бөҕө баар. Сарсыардаттан саҕалаан, түүннэри усталлар. Мин оруолум диэн аҕыйах ахсааннаах нимфх омук оҕонньоро.
Кинини “дядя Миша” диэн ыҥыраллар. Сериалбыт аата “Буровая” диэн. Уолум сир баайын хостуур сиргэ үлэлиир эбит. Бэйэм оруолбун бэркэ толордун диэтилэр. Режиссер Андрей Прошкин. Кини оонньоон бүппүппүн кэннэ улаханнык, атыттар истэллэрин курдук, “Степан Семенович молодец! Прирожденный артист!” диэн эппитигэр, атыттар олох атын харахтарынан көрдүлэр. Араас дьон кэлэн уһуллаллар. Мин кэм урут уһулла сылдьыбыт, ону-маны билэр буолан, олус ыарырҕаппатым. Бу барыта 8 сериялаах киинэ. Онон аны күһүҥҥү айылҕаҕа устуохтаахтар. Киинэбэр уһуллан баран Москваҕа кэлбиччэ, анаан-минээн кэпсэтэн Федерация Сэбиэтигэр Сахамин Миланович Афанасьевы баран көрүстүм.
Наһаа үчүгэйдик көрсөн, ирэ-хоро кэпсэттибит. Кини түмүккэ федеральнай таһымҥа быһаарыллыан сөптөөх боппуруос баар буоллаҕына, тута миэхэ тахсыаххытын сөп диэтэ. Кини приемнайа Дьокуускайга Ил Түмэн дьиэтигэр баар эбит. Онно туһааннаах суруккутун аҕалан биэрдэххитинэ, миэхэ тута тиксэрэллэр, биллэрэллэр диэн эттэ ”, — диэн Степан Семенович сырдатта.
Дьэ ити курдук биир дойдулаахпыт Степан Бурнашев Арассыыйа сериалыгар кастины ааһан уһулла сылдьар. Режиссер Андрей Прошкин аҕата “Холодное лето 53-го” диэн аатырбыт киинэни устубут режиссер эбит. Биһиги Степан Семенович, уола Степан Бурнашев “Айта” диэн киинэтигэр кылгас эрээри, өйдөнөн хаалар нэһилиэк баһылыгын оруолун ситиһиилээхтик оонньообутун билэбит.
“Амма олоҕо” хаһыат