Бу күннэргэ Сулҕаччы нэһилиэгэр бэртээхэй бэлиэ түгэннэр буоллулар, үлэлэнэ да тураллар. Манна Ил Түмэн дьокутаата Александр Корякин быһаччы кыттыытын бэлиэтиибит.
Быйыл сайын Сулҕаччы нэһилиэгин быыбардааччылара Ил Түмэн депутатыгар кандидат Александр Корякины кытта көрсүһүүгэ улахан кээмэйдээх уу ыраастыыр фильтр туруорсубуттара. Тоҕо диэтэр 2018-2019 сс. Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманы көмөлөһүннэрэн, сир анныттан нэһилиэнньэни уунан хааччыйар сыаллаах скважина хаһыллыбыта. Скважина 389 м. дириҥнээх. Мантан кэлэр уу саппааһа да балачча эрээри, анализ түмүгүнэн туустаах, минеральнай састааптаах буолан биэрбитэ. Экспертиза оҥоһуллан, уу биохимическай анализтары барбыта, техническай ууга туттуллуон сөп түмүк кэлбитэ. Туустаах буолан оҕуруокка эҥин сатаан туттуллубатаҕа. Нэһилиэнньэ кыһалҕатын өйдөөн, туруорсууларын ылынан Александр Иванович кэпсэтэн, ВКИ “Трестстрой” тэрилтэ кэлэн 4 куб ууну ыраастыыр кыахтаах фильтр туруорда.
Дьэ онон ыраастаммыт тууһа суох уу турба устун олохтоох ОДьКХ хочуолунайгар бэриллэр. Онтон кэлэр сылларга уу ситимэ тардыллан, ыраас уу ыалларга кэлэрэ күүтүллэр. Оччоҕо оҕуруокка, атын да хаһаайыстыбаннай үлэҕэ, суунарга-тараанарга туттаммыт олохтоохтор абыраныа этибит. Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата ОДьКХ салалтатын кытта бу боппуруоска үлэтин салгыыра наадалаах.
Маны сэргэ быйыл саас нэһилиэккэ Бастакы тураҥ диэн ааттаах тураҥмыт соһуччу уута быһытын тоҕо түһэн, уутун иһэн, балыктаан олорор ытык Улахан Эбэбитигэр куппута. Бу күннэргэ быһыты чөлүгэр түһэрии үлэтэ саҕаланна. Аллараа Бэстээхтэн ГБУ “Упрмелиоводхоз” тэрилтэ үлэһиттэрэ кэлэн быһыты көрөн, буор кутан, чөлүгэр түһэрэр үлэтин ыыта сылдьаллар.
Елена ПОПОВА