Дьокуускай куоракка “Мы все с ВОИ” диэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьон бэстибээллэрэ буолан ааста. Бэстибээл быйыл уопсастыба тэриллибитэ 35 сылын чэрчитинэн ыытылынна. Талааннары көрүү бэстибээлигэр Амма улууһун инбэлииттэрин уопсастыбата эмиэ ситиһиилээхтик кытынна.
“Бэстибээлгэ Алдан, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Таатта, Сунтаар, Уус Алдан, Хаҥалас , Амма улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ыллылар. Биһиги улууспут чиэһин Ольга Наумова Амматтан уонна Эмистэн Роберт Григорьев көмүскээтилэр. Ол курдук Ольга Михайловна хотугу үҥкүүнү толорон иккис миэстэ буолла. Манна бастакы миэстэ кимиэхэ да бэриллибэтэ. Онтон Роберт Григорьевич ырыаны гитараҕа оонньоон толорон үһүс бириистээх миэстэни ылла.
Кыайыылаахтар бары дипломнары, бириистэри туттулар. Онон кинилэри истиҥник эҕэрдэлиибит, аммаларын аатын ааттаттылар. Бэстибээл кэмигэр хартыына, араас оҥоһуктар быыстапкаларын сэргии көрдүбүт”, — диэн улуустааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Светлана Софронова сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат