Бу күннэргэ улуус Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, улуус баһылыгынан 2000-2003 сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбит Василий Пахомов эрэдээксийэҕэ киирэн улуус хаһыатыгар сыл икки аҥарыгар сурутта.
“Мин улуус хаһыатын сурутууга барыларын ыҥырыахпын баҕарабын. Хаһыат бу – улуус историята. “Суруллубут суоруллубат” диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тыллар. Онон хаһыакка улууспутугар буола турар бары түгэннэр, кини үлэһит дьоно, турар кыһалҕалар барыта тиһиллэн, үйэтитиллэн иһэллэр. Билигин холобура хаһыат тэриллиэҕиттэн саҕалаан, билиҥҥи кэмҥэ диэри хаһыаттары бибилэтиэкэттэн ылан ааҕыахха сөп, ол кэмнэргэ туох буолбутун барытын билиэххэ, ол кэмҥэ төннөн ылыахха сөп. Онон улуус хаһыата чахчы да улуус историята, кэрэһитэ буолар. “Амма олоҕо” хаһыат улуус собус соҕотох кумааҕыга тахсар сырдатар информационнай средствота. Онон соҕотох хаһыаппытын өйүөҕүн, сурутуоҕун. Сыаната да букатын удамыр. Онон бэйэм кэллиэгэлэрбин, бэтэрээннэри хайаатар да хаһыаттарыгар сурутуохтара диэн эрэнэбин”, -диэн Василий Алексеевич баҕа санаатын тириэрдэн барда.
“Амма олоҕо” хаһыат


