Амма улууһугар бары 17 быыбардыыр учаастактара үлэлэрин оруобуна 20 чааска түмүктээтилэр. Үс күннээх быыбар түмүктэнэн хамыыһыйа чилиэннэрэ бюллетеннэри ааҕыы саҕаланна.
Территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Наталья Алексеева иһитиннэрбитинэн үс күн устата бары учаастактар быыбар сокуонугар сөп түбэһиннэрэн үлэлээтилэр, биир да үҥсүү бу күннэргэ киирбэтэ. Бары учаастактарга партиялартан уонна уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлээтилэр. Билигин бюллетеннэри ааҕыы саҕаланна.
Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат