Амма улууһун бары оскуолаларыгар алтан чуораан чугдаарда

Бүгүн улуус бары оскуолаларыгар алтан чуораан чугдааран саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытын биллэрдэ. Быйыл аан бастаан оскуола боруогун 239 үөрэнээччи атыллаата.


Сайын устата чуумпуран турбут оскуолалар ааннарын тэлэччи аһан үөрүүлээх линейка ыытылынна. Үөрэх дьыла саҕаламмытын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус дьаһалтатыттан сыһыарыллыбыт нэһилиэк куратордара кыттыыны ылан истиҥ эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Быйыл Амма улууһугар  оскуола боруогун аан бастакыларын 239 кырачаан дьон  атыллаата. Ол курдук Амма 1№-дээх оскуолатыгар — 47, Амма 2№-дээх оскуолатыгар — 42, Амматааҕы лицейгэ — 36, Чапчылҕаҥҥа — 10, Абаҕаҕа — 10, Алтаҥҥа- 10, Амма Наахараҕа- 12, Бөтүҥҥэ- 17,  Болугурга — 9,  Покровкаҕа — 6, Сатаҕайга —  3, Мээндигигэ — 5, Соморсуҥҥа — 8, Сулҕаччыга —  5, Сэргэ Бэскэ — 9, Чакырга — 7, Эмискэ — 3 оҕо.

Сайыҥҥы уһун сынньалаҥ кэнниттэн оҕолор бэйэ бэйэлэрин ахтыһан, көрсөн, сайыны хайдах атаарбыттарын туһунан кэпсэтэн, онтон аан бастаан оскуола боруогун атыллаабыт кырачаан үөрэнээччилэр дьоһуннаахтык паарталарга олорон, бастакы учууталларын кытта билсэн, күргүөмнээх саҥа үөрэх дьылын бастакы күнэ ааста.

Оҕолорбутугар туйгун үөрэҕи, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше