Биир дойдулаахпыт “Режиссер бастыҥ үлэтэ” номинацияны ылла

Геленджик куоракка ыытыллыбыт “Маяк” диэн киинэ фестивалыгар Дмитрий Давыдов “Бастыҥ режиссер” аатын ылла. Бу туһунан биһиэхэ режиссер биир сөбүлээн устар артыыһа Анатолий Стручков иһитиннэрдэ.

Бүгүн бу үөрүүлээх сонуну иһиттибит. Ол курдук биир дойдулаахпыт Дмитрий Давыдов Арассыыйа киинэ фестивалыгар “Чума” диэн киинэтинэн  “Лучшая работа режиссера” диэн номинацияны ылла. Бу киинэҕэ икки тус туспа майгылаах соҕотох аҕалар тустарынан кэпсэнэр. Мин киинэҕэ соторутааҕыта бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт дэриэбинэ олохтооҕун оонньообутум. Арассыыйа биир улахан киинэ бэстибээлигэр киинэбит уонна режиссербут Дмитрий Леонидович бэлиэтэммитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит уонна үөрэбит буоллаҕа. Билигин Геленджик куоракка биир эмиэ иннибитигэр уктар режиссербут Евгений Николаев сылдьар. Кини киинэҕэ аҕалартан биирдэстэрин оонньообута. Киинэбит Бөтүҥ нэһилиэгэр уһуллубута”, — диэн Анатолий Садотович сонунун үллэстэр.

Киинэ ис хоһоонун кыратык сэгэтэр буоллахха, дэриэбинэҕэ ыаллыы тус туспа майгылаах аҥардас аҕалар олороллор. Иккиэн улаатан эрэр уолаттардаахтар. Влад (Евгений Николаев) майгыта хабыр, куруутун кимиэхэ да куһаҕаны оҥорбот, сэмэй майгылаах Иваны (Георгий Бессонов) атаҕастаан тахсар. Онтон Иван уола наһаа кыбыстар, аҕатыттан кэлэйэр. Биирдэ Влад Иваны улаханнык кырбаабытын кэнниттэн  уола аҕатыттан букатын тэйэн, Влады кытта чугасыһар. Бу кэмҥэ Влад бэйэтин уолун кытта сыһыана эмиэ сытыырхайар.

Талааннаах биир дойдулаахпытын өссө биир үрдүк ситиһиитинэн, Арассыыйа таһымыгар билиниллиитинэн эҕэрдэлиибит!

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше