Михаил Архипов «Чакырга врачебнай амбулатория тутуллуо»

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара дьон олоҕун чэпчэтэргэ туһаайыллан ыытыллаллар.  Онтон биирдэстэринэн «Доруобуйа», онтон салгыы «Уһун көхтөөх олох» диэн бырайыак буолар.  Быйыл Амма улууһун Чакыр нэҺилиэгэр бу бырайыак чэрчитинэн врачебнай амбулатория тутуллан үлэҕэ киириэ.


«Билэргит курдук  «Уһун көхтөөх олох»  бырайыак чэрчитинэн, бастакы звенолары, ол эбэтэр нэһилиэккэ  баар учаастактааҕы балыыһалары, фельдшерскэй пууннары  саҥардыы үлэтэ барар. Ол быһыытынан быйыл улууспут өрүс унуор сытар соҕотох нэһилиэкпитигэр өр күүппүт врачебнай амбулатория тутуута саҕаланан быйыл үлэҕэ киириэхтээх. Балыыһа 130 кв миэтэрэ иэннээх, бары аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолар. Ол курдук прививкэ  биэрэр, процедура ылар, быраас, акушерка көрөр, суһал көмөнү оҥорор тус туспа хостордоох буолар. Толору хааччыллыылаах. Аны манна биһиги өссө эмтиэкэ пуунун былаанныыбыт. Тоҕо диэтэр хаайтарыы кэмигэр нэһилиэнньэ наадыйар эминэн хааччыллыыга олус эрэйдэнэр. Онон күһүн, саас сөптөөх эминэн хааччыйыахпыт. Билигин баар дьиэбит эргэрдэ, 80 -с сылларга тутуллубута. Билигин хаарбах туруктаах эбийиэктэргэ киирсэр. Чакыр нэһилиэгин олохтоохторо бу туһунан элбэхтик Бырабыыталыстыба, улуус да отчуоттарыгар туруорсан кэлбиттэригэр махтаныам этэ. Ол түмүгэр дьэ бу барыта сабыс саҥа миэбэллээх балыыһаланыахтара. Маннык эбийиэк Бөтүҥҥэ тутуллубута. Оборудованиелар өртүлэринэн этэр буоллахха, экг, дифибриллятор, глюкометр, тонометр, быһатын портативнай аппараттар бары баар буолуохтара. Онон мин эмп эйгэтин үлэһиттэрин аатыттан Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаҕа махтаныам этэ. Тоҕо диэтэр национальнай бырайыак көмөтүнэн доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр олус элбэх тутуу да барда, техника да ылылынна. Салгыы бырайыак чэрчитинэн маннык эбийиэктэр Амма Наахараҕа уонна Сатаҕайга былааҥҥа тураллар», — диэн Амма улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Михаил Архипов сырдатта.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше