Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин дуоһунаһыгар талыллыаҕыттан улууһун соҕотох хаһыатын куруук өйүүр. Бэйэтэ суруйтаран ааҕарын ааһан солбуйааччыларын, тэрилтэ салайааччыларын “Амма олоҕор” сурутууга көҕүлүүр. Онтон бүгүн улуус элбэх оҕолоох биэс ыалыгар сыл аҥардааҕы сурутуу бэлэхтээтэ.
-Улууһун олоҕун-дьаһаҕын, үлэһит дьонун-сэргэтин киһи хайдах интэриэһиргээбэт буолуой? Сонуннары барытын бассаапка, телеграмҥа ааҕа олоробут диир дьону кытта олох сөпсөспөппүн. Хаһыат суруйар, сырдатар ыыра быдан киэҥ. Сонуннарынан эрэ муҥурдаммат. Аны туран аныгы кэмҥэ оҕолорбутун кинигэни, хаһыаты аахпат буоллулар диибит дии. Ол эмиэ бэйэбититтэн тахсар. Төрөппүт аахпат буоллаҕына оҕо эмиэ кини холобурун батыһар. Ол иһин улууспутугар ааҕыы култууратын тэнитэр сыалтан Россияҕа дьиэ кэргэн сылынан Амма, Болугур, Мээндиги, Амма Наахара, Сатаҕай элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр 2024 сыл иккис аҥарыгар “Амма олоҕо” хаһыакка сурутууну бэлэхтээтим. Уонна коллегаларым өйүөхтэрэ диэн тураммын үтүө бачыымы солбуйааччыларым уонна нэһилиэк баһылыктара өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин,- диэн Степан Николаевич снааатын тиэрдэр.
“Амма олоҕо” хаһыат.