Василий Жирков: “Хаһыакка суруйан бэйэҕит санааҕытын үллэстиҥ!”

Редакция почтатыгар адаархай буочарынан ыга баттаан арыта суох кыараҕастык суруллубут, тэтэрээт кумааҕытыгар иннигэр-кэннигэр бүтүннүү бэчээттэммит заметка кэллэҕинэ, Баһылай Жирков суруга диэн эндэппэккэ билэбит. Бүгүн “Амма олоҕо” хаһыат общественнай корреспондена  Василий Прокопьевич Жирков 70 сааһын туолла. Кини оройуон хаһыатыгар бастакы суруйуута 1989 сыллаахха тахсыбыта. Ол кэмтэн ылата күн бүгүнүгэр диэри дьон-сэргэ олоҕун, ааспыт кэм үлэҕэ уопутун сырдата олорор. Василий Прокопьевич Амма Абаҕатыттан төрүттээх. Билигин Мээндигигэ олорор. Абаҕа аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэр сылларыгар саха тылыгар уонна өйтөн айан суруйууга наар “4”, “5” сыаналарга үөрэммит. Бастаан өссө хоһоон суруйарга холоноро. 1970 сыллаахха бастакы икки хоһооно “Коммунизм тутуутугар” бэчээттэммит. 1

983 сыл “Амма кырыс сирин туһаҕа таһаарыы” бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччаттар, комсомоллар түмсүүлэрин хамсааһыныгар кыттыһан, Даайа Амматыгар үлэлээбит. Ол да үлэлиир кэмнэригэр Алексеевскай оройуон “Коммунист” хаһыатыгар бастакы заметкалара бэчээттэммиттэр. 1989 сыллаахха Тааттаттан Мээндигигэ үлэлии кэлэр. Суруйуон баҕалаах эдэр киһи, оччолорго  аны “Коммунизм тутуутугар”  хаһыакка общественнай корреспондент  быһыытынан биллэн, суруйуулара ааҕааччы сэҥээриитин ылаллар. Хаһыат редактора Иван Иванович Алексеев 1992-1993 сыллардааҕы суруйууларын “Сытыы бөрүө” диэн улахан наҕараадаҕа түһэрэн турардаах.

“Иван Иванович кэнниттэн хаһыат редакторынан Михаил Васильевич Захаров үлэлээбитэ. 1999-2003 сылларга икки үйэ алтыһар кэмнэригэр олоххо-дьаһахха, үлэҕэ-хамнаска араас ыарахан балаһыанньалар үөскээбиттэрэ. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар быста мөлтөөбүттэрэ, күрүө-хаһаа ситэ оҥоһуллубата. Ити туһунан суруйууларбын Михаил Васильевич хаһыакка таһаарбытыгар махталым улахан”, — диир Василий Прокопьевич.

 

 

Кэнники сылларга Василий Жирков билиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар тулалыыр эйгэни харыстааһын боппуруостарыгар: бөһүөлэктэри ыраастык тутуу, Амма өрүспүтүн, күөллэрбитин, үрэхтэрбитин киртиппэт, буортулаах үлэлэри ыыппат туһунан матырыйааллары таһаартарда. Кини суруйар тиэмэтэ тыа киһитин олоҕор ордук чугастар, наадалаахтар. Сүөһү мэччийэр сирдэрин ыраастаан, кэҥэтэн олохтоохтук дьарыктаныы, уокка оттор мас, тутуу маһын кэрдии курдук тыын боппуруостар буолаллар. 2020 сыллаахха Мээндиги нэһилиэгин дьаһалтата “Мээндиги мин дойдум…” диэн Василий Жирков улуус хаһыатын балаһатыгар араас сылларга тахсыбыт ыстатыйаларын түмэн хомуурунньук таһаартарбыта. Баһылык Илья Семенов кинигэ аан тылыгар: “Кэлиҥҥи өттүгэр бу үлэ элбэх ахтыыларга, научнай-чинчийэр үлэлэргэ, үлэҕэ-хамнаска үтүө олук буолуо”, — диэн үрдүктүк сыаналаабыта.

Убаастабыллаах аҕа саастаах общественнай корреспондеммытын Василий Прокопьевыһы 70 сааһын томточчу туолбутунан истиҥник эҕэрдэлиибит, айар-тутар үлэлэргэр ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше