Амма улууһун ыраах сытар учаастактарыгар балаҕан ыйын 5 күнүттэн быыбар саҕаланна. Бүгүҥҥү күн туругунан уопсайа 20 киһи бэйэтин быыбардыыр быраабын туһанан санаатын биллэрдэ.
“Биһиги улууспутугар үс нэһилиэк ыраах сытар учаастактардаах. Онон манна быыбар эрдэ ыытыллар. Ол курдук Абаҕаҕа Оһохтоох, Дьаам, Кураанах учаастагар 12 киһи, Эмис нэһилиэгин Олом Күөл учаастагар 5 киһи уонна Амма Наахара нэһилиэгэр Лээги учаастагар 3 киһи куоластаатылар. Онтон сүрүн быыбар эрдэ биллэриллибитин курдук балаҕан ыйын 8 күнүттэн саҕаланар. Билигин бары быыбардыыр учаастактар үлэлии олороллор ”, — диэн Амма улууһун территориальнай быыбардыыр хамыһыйатын бэрэссээдэтэлэ Наталья Алексеева иһитиннэрдэ.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат