Быйыл от үлэтэ атырдьах ыйыгар балайда кураан күннэр тураннар, чахчы да охсуулаах буолла. Онон бу ааспыт нэдиэлэҕэ ботуччу от оттонон улуус окко былаанын аһары түстэ. Нэһилиэктэринэн ылан көрүөҕүҥ.
Нэдиэлэ саҕаланыыта түөрт нэһилиэк окко былаанын толорбут эбит буоллаҕына, чэппиэрдээҕи субуокканан манна эбии түөрт нэһилиэк эбилиннэ. Ол курдук Амма нэһилиэгэ 1881 туонналаах былаанын 100,5 бырыһыан, Болугур 4768 туонналанан былаанын 101,2 бырыһыан, Покровка 840 туонна былааннааҕын лоп курдук 100 бырыһыан, Абаҕа нэһилиэгэ 4043 туоннаны бэлэмнээн былаанын 103, 9 бырыһыан толордо. Сезоннааҕы соруктарын лаппа чугаһаппыт нэһилиэктэр: Алтан 1220 туонналаах 91,6 бырыһыан, Бөтүҥ 3077 туонналаах 99,0 бырыһыан. Салгыы субуокканы көрдөххө Сатаҕай 2368 туонналаах 88,9 бырыһыан, Сулҕаччы 1960 туонналаах 89,3 бырыһыан уонна Чапчылҕан 448 туонналаах 45,3 бырыһыан толордулар. От былаанын эрдэ толорбут нэһилиэктэр Амма Наахара 126 бырыһыан, Мээндиги 124,5 бырыһыан, Чакыр 111,5 бырыһыан уонна Эмис нэһилиэгэ 111,9 бырыһыан.
“Амма олоҕо” хаһыат


