Мобильнай биригээдэлэр былааннарын 64 бырыһыан толордулар

Амма улууһугар быйыл сүөһүгэ дороххой аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ 30 мобильнай биригээдэ тэриллэн үлэлии сылдьар. Кинилэр былааннара 5444 туонна от.


“Быйыл биһиэхэ 60 км ыраах баран оттуурга 30 мобильнай биригээдэ баар. Кинилэртэн сорохторо сирдэрэ кыра буолан атын нэһилиэккэ оттууллар, онтон сорохторо сирдэрэ ыраах үрэхтэргэ буолан онно тахсан оттууллар. Былырыын маннык хабааннаах 34 биригээдэ тэриллэн 6000 -тан тахса туонна оту оттуохтаахтарын, курааннаан уонна күһүн тохтообокко ардахтар түһэннэр 5000-тан тахсаны оттообуттара. Ол курдук нэһилиэктэринэн ылан көрдөххө, Амма Наахараҕа 5, Бөтүҥҥэ 4, Аммаҕа 1, Болугурга 4, Сатаҕайга 6, Соморсуҥҥа 3, Чакырга 2, Чапчылҕаҥҥа 1 уонна Эмискэ 4 биригээдэ тэриллэн оттуу сылдьаллар. Күн бүгүн биригээдэлэр 3499 туонна оттоон былааннарын 64 бырыһыан толорон иһэллэр. Үрэхтэрбит уулаах сыталлара эмиэ улаханнык мэһэйдиир. Бу курдук кураан күннэр туран биэрдэхтэринэ, мобильнай биригээдэлэр тириэрдиллибит былааны толоруохтара диэн эрэнэбит”, — диэн этэр улуус кылаабынай агронома Николай Гаврильев.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше