Атырдьах ыйын 25 күнүн туругунан улуус үрдүнэн 29229 туонна от оттонон былаан 95, 4 бырыһыан туолла.
Күн дьыл туран биэрэн отчуттар хоннохтоохтук оттоон окко былаан биллэ эбилиннэ. Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥэ хомуллубут субуокканан от былаана 95,4 бырыһыан туолла. Ол иһигэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 7186 туоннаны оттоон былааннарын 88,8 бырыһыан, бааһынай хаһаайыстыбалар 11041 туоннаны бэлэмнээн былааннарын 98,1 бырыһыан уонна кэтэх сүөһүлээхтэр 11002 туонна оту кэбиһэн былааннарын 97,4 бырыһыан толорору ситистилэр.Онтон мобильнай биригээдэлэр быйылгы сезоҥҥа 5440 туонна оту оттуохтаахтарын атырдьах ыйын 25 күнүн туругунан 3499 туоннаны бэлэмнээн былааннарын 64 бырыһыан толорон иһэллэр. Үлэ хаамыытын сорох үрэхтэр өссө да уулаах сыталлара мэһэйдиир. От хампаанньатын сүрүн биэтэгэ чугаһаан иһэр. Кэлэр нэдиэлэттэн балаҕан ыйыгар үктэнэбит. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов нэдиэлэтээҕи соруктары торумнуур баһылык былааннааһын мунньаҕар эппитинэн, оттооһун үгүстэр былааннарын толорон, билигин атыыга диэн хаалбыт сирдэрин оттуу сылдьаллар. Ордор оттон улуус 1000-1500 туонна оту атыыга таһаарар былааннаах.
“Амма олоҕо” хаһыат


