Атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи субуокканан улуус окко былаанын 100, 2 бырыһыан толордо. Ол курдук 30716 туонна от оттонно.
Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениета бүгүҥҥү күҥҥэ хомуйбут субуоккатынан, улуус быйылгы окко тириэрдиллибит былаанын аһарда. Ол курдук былааннаах 30653 туонна оннугар улуус хаһаайыстыбалара, биирдиилээн отчуттара 30716 туоннаны оттоон, 26589 га сири охсуллан былаан 100,2 бырыһыан туоларын ситистилэр. Ол иһигэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 7803 туоннаны оттоон былааннарын 96,4 бырыһыан, бааһынай хаһаайыстыбалар 11540 туоннаны бэлэмнээн былааннарын 102,5 бырыһыан уонна кэтэх сүөһүлээхтэр 11373 туонна оту кэбиһэн былааны 100,6 бырыһыан толорору ситистилэр. Дьэ онон балаҕан ыйыгар тиэрдибэккэ, окко былаан улууска аһары туолла.
«Амма олоҕо» хаһыат


