Амма оройуонун үрдүнэн быйыл 28915 тонна оту бэлэмниир сорук турар эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ көрдөрүү 15808 тоннаҕа тэҥнэстэ. Улуус кылаабынай агронома Николай Гаврильев иһитиннэрбитинэн, оттооһун хампаанньата түмүктэнэр биэтэгэр кэллэ диэн этэр эрдэ, чааһынай дьон өссө даҕаны хоннохтоохтук оттуу сылдьаллар. Оройуон Сэбиэтин Уурааҕынан атырдьах ыйын 15 күнүттэн „Көҥүл хотуур“ биллэриллибитэ эмиэ былаан туоларыгар олук ууруо.

Нэһилиэктэртэн саамай улахан көрдөрүүлээҕинэн билиҥҥитэ 73,3 бырыһыаннаах Соморсун иһэр, манна бааһынай хаһаайыстыбалар сыл тахсар отторун номнуо булунан олороллор. Киниттэн бэрт кыранан Майскай хаалар (71,2 бырыһыан). Уустук балаһыанньалаахтарынан 39,6 бырыһыаннаах Болугуру, 40,47 бырыһыаннаах Чапчылҕаны, 44,7 бырыһыаннаах Сатаҕайы уонна 46,8 бырыһыаннаах Чакыры ааттыахха сөп. Ол да буоллар, түмүк оҥорор билигин даҕаны эрдэ. Хаһаайыстыбалаахтар күһүн хойукка диэри хаалбыт сирдэртэн сыл тахсар отторун булунар санаалаахтар.
„Амма олоҕо“ хаһыат.


