Амма улууһа быыбарга көхтөөхтүк кытынна уонна Саха сирэ Владимир Путины өйүүрүгэр күүс буолла. Ол курдук улуус үрдүнэн Дойду Бэрэсидьиэнигэр куолаһы биэрии 93,67 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.
Онтон нэһилиэктэринэн ылан көрөр буоллахха, Амма нэһилиэгин 44 –с учаастага 92,51, 45-с учаастага 90,81, 46-с учаастага 92, 27 бырыһыан, Абаҕа – 93,89, Эмис – 94,09, Амма Наахара 94, 35, Мээндиги 94, 51, Чакыр – 94,58, Чапчылҕан – 95,69, Бөтүҥ – 96,03, Сэргэ Бэс – 96,09, Покровка – 96, 41, Сатаҕай- 96,75, Соморсун – 96,89, Сулҕаччы 97, 73, Алтан – 97,89, Болугур – 98, 02 бырыһыан куоластаан Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иккис болдьоҕор олорон салгыы салайарыгар бэйэлэрин баҕаларын биллэрдилэр.
Сиһилии нэһилиэктэрдээҕи учаастактар хайдах куоластаабыттарын хаһыат бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр билиһиннэриэхпит.
“Амма олоҕо” хаһыат