Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбата хомуйар субуоккатын атырдьах ыйын 4 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 12149,1 тонна от оттоно, былаан 39,6 бырыһыан туолла.
Кэнники күннэргэ улуус үрдүнэн быстах этиҥнээх, дохсун ардахтар түһэннэр, от хаамыытын атахтыыллар. Ол да буоллар отчуттар “Бары күүһү — окко” диэн санаанан салайтаран, турар күннэри былдьаһа күүстээхтик оттууллар. Күн бүгүн окко 1934 киһи, 996 тыраахтыр уонна 851 звено от үлэтигэр сылдьаллар. Атырдьах ыйын 4 күнүнээҕи туругунан уопсайа 12891 га сир охсуллунна, 12149 тонна от бэлэмнэннэ. Ол иһигэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 2725 тонна (33,7%), бааһынай хаһаайстыбалар 4202,1 тонна (38,4 %) уонна кэтэх хаһаайыстыбалаахтар 5222 тонна (44,9%) оту оттоотулар.
“Амма олоҕо” хаһыат


