Улуус үрдүнэн 27166 туонна от оттонно

Атырдьах ыйын 21 күнүн туругунан улуус үрдүнэн 27166 туонна от оттонон былаан 88,6 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.


Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениета хомуйар бүгүҥҥү күннээх субуоккатынан сирдэттэххэ, улуус окко былаанын 88,6 бырыһыан толорон өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар.  Күн бүгүн окко 104 тыраахтыр, 98 звено үлэлиир-хамсыыр. Кэнники улахан, уһун ардахтар түспэккэ, сүрүннээн кураан күннэр тураннар, дьон охсуулаахтык оттуу сылдьаллар. Ити эрээри үрэх сирдэр уулара син биир  тардыбакка, былаан өссө үчүгэйдик туолуоҕун мэһэйдииллэр. Атырдьах ыйын 21 күнүгэр тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 6604 туонна оттоохтор, 6085 га охсуулаахтар, былааннарын  81,6 бырыһыан, бааһынай хаһаайыстыбалар 10180 туонна оттоохтор, 8855 га охсуулаахтар, былааннарын 90,4 бырыһыан уонна кэтэх сүөһүлээхтэр 10382 туонна оттоохтор, 9154 га охсуулаахтар, былааннарын 91,9 бырыһыан толорон иһэллэр. Күн-дьыл бу курдук туран биэрдэр, тириэрдиллибит сорук туоларыгар эрэллээхтэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Хаартыска: Лидия Свинобоева, Чакыр нэһилиэгэ

Читайте дальше