Документалист-суруйааччы Дмитрий Гаврильев үбүлүөйдээх сыла

Саха сирин сүүрбэттэн тахса улууһун буойуннарын туһунан элбэх эрдэ биллибэтэх дааннайдары булан, ааттарын үйэтиппит биир дойдулаахпыт, кыраайы үөрэтээччи, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэhитэ, документалист-суруйааччы, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууhун чилиэнэ, Таатта улууhун Баайаҕа уонна Амма улууhун Абаҕа, Амма-Наахара нэhилиэктэрин, Амма улууhун бочуоттаах олохтооҕо, Бүтүн Арассыыйатааҕы “России верные сыны” куонкурус лауреата мэтээллээх, “Үтүөнү үйэтитээччи” номинация лауреата Дмитрий Николаевич Гаврильев бүгүн атырдьах ыйын 24 күнүгэр төрөөбүтэ 85 сылын туолла.

Дмитрий Гаврильев  Амма оройуонун Амма-Наахара нэһилиэгин Өнньүөс бөһүөлэгэр 1938 сыллаахха атырдьах ыйын 24 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Амма-Наахара орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Салгыы олох киэҥ аартыгар үктэнэн, үөрэх-билии аартыгын устун айаннаабыта. Ол курдук, Дмитрий Николаевич Москубатааҕы Киин судаарыстыбаннай кэтэхтэн үөрэнэр стенография биир сыллаах сүрүн  кууруһун 1961 сыллаахха сэтинньи 19 күнүгэр бүтэрэн сибидиэтилистибэ уонна Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтин историко-филологическай бакылтыатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин салаатын 1972 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр, баҕатын толорон дьупулуом ылбыта. Дмитрий Николаевич эдэр сааһыгар талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик уонна үтүө суобастаахтык олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбитэ. Ол курдук, 1962 сылтан саҕалаан, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сылларыгар Саха сириттэн ыҥырыллыбыт буойуннар тустарынан, Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна киин уобаластар байыаннай архыыптарын фондаларыгар харалла сытар докумуоннарга олоҕуран сүүһүнэн матырыйааллары өрөспүүбүлүкэ уонна оройуоннар хаһыаттарыгар бэчээттэппитэ.

Кыраайы үөрэтээччи  аҥаардас буойуннар ааттарын үйэтитиигэ эрэ үлэлээбитэ диир тутах. Төрөөбүт дойдутун историятын үөрэтиигэ, онно анал кинигэ оҥорон таһаарыытыгар эмиэ утумнаахтык дьарыктаммыта. Кини уопсайа 24 кинигэни норуотугар суруйан хаалларбыта: «Буойуннар», «Амма совхоз: 1930-2000 сс.», «Үлэ дьоруойа П.И. Яковлев», «Амма улууһун «Өйдөбүнньүк» кинигэтэ: 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриититтэн эргиллибит буойуннар», «Амма оройуонун үөрэҕин управлениета» о.д.а. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах буолар. Ол курдук, Дмитрий Гаврильев суруналыыс быһыытынан эмиэ киэҥник биллэр. Онно 1000 тиийэ араас хабааннаах ыстатыйаны таһаартарбыта. Рационализатор быһыытынан үлэлэспитэ («сылаас ойбон»), 1964 сылтан топонимиканан дьарыктаммыта. Саха тылын уонна былыргы түүрдэр суруктарын научнай чинчийиилэригэр олоҕуран дьоһун үлэлэри оҥорбута. Документалист-суруйааччы туох баар айан-тутан хаалларбыт үлэлэрэ билигин кэлэр кэнэҕэски ыччакка үрдүк суолталаахтар. Онон, үтүө киһи үйэлэргэ оҥорон хаалларбыт үтүө дьыалата умнуллубат, суруллубут суоруллубат.

Бүгүн улууска киниэхэ анаммыт тэрээһиннэр олорбут дьиэтигэр, кииннэммит бибилэтиэкэҕэ  ыытыллыахтара, үтүө киһибит туһунан ахтан санаан ааһыахпыт.

Артем ОСИПОВ

Читайте дальше